Күн-дьыл туруга: сорох улуустарга -50° кыраадыска тиийэ тымныйыа
04.12.2025, 07:30
ЯСИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый?
Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрэллэринэн, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу, илин, соҕуруулуу-илин, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр кыралаан хаардыа. Киин улуустарга сорох сиринэн туманнаныа. Хотугулуу илин сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м тиийэ түргэннээх тыаллаах буолуо. Түүн -38-43°, хоту намыһах сирдэргэ -45-50°, хаардаатаҕына -28-33°, арҕаа -18-23°. Күнүс -33-38°, сорох сиринэн -25-30°, намыһах сирдэргэ -42-47°, арҕаа, соҕуруу диэки улуустарга -15-20°, соҕуруулуу-арҕаа -5-10° буолара күүтүллэр.
Дьокуускайга күнүс -35-37°, түүн -37-39°. Сорох сиринэн туманнаныа, кыра тыаллаах буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: