Күн-дьыл туруга: бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ биллэ сөрүүкүөҕэ
21.08.2023, 16:15
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ Арктикаттан тымныы салгын кэлэн, өрөспүүбүлүкэ үгүс сиригэр-уотугар салгын температура түстэ.
Ол курдук, сарсын атырдьах ыйын 22 күнүгэр, киин уонна өрүс уҥуор оройуоннарга, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, илин уонна хотугулуу-илин өттүгэр ардах түһэрэ күүтүллэр.
Итиэннэ Эдьигээҥҥэ, Эбээн Бытантайга, Дьааҥыга уонна Усуйаанаҕа сөкүүндэҕэ 15-17 миэтирэ түргэннээх тыал түһүөҕэ.
Киин улуустарга салгын температурата түүн +8…+13°, күнүс +14…+19°. Хоту оройуоннарга түүн -2° диэри тымныйыаҕа, күнүһүн +8…+13° буолуоҕа. Саамай сылаас температура өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр туруоҕа. Манна күнүс +21° диэри сылыйыаҕа.
Сарсын Дьокуускайга сөҥүүтэ суох күн туруоҕа. Салгын температурата түүн +8…+10°, күнүс +17…+19°.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: