Күн-дьыл туруга: инчэҕэй хаар, хаһыҥ уонна +21°
05.09.2025, 08:30

ЯСИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?
Мииринэй, Сунтаар, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри улуустарыгар сорох сирдэринэн ардыыр, арктическай оройуоннарга кыра ардахтаах, түүн инчэҕэй хаардаах буолуо. Атын сирдэргэ ардах түһэрэ күүтүллүбэт. Кыра тыаллаах, күнүс сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м тиийэ түргэннээх тыалырыа. Арктика кытылынан сорох сирдэргэ сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннээх тыалырыа. Түүн +3+8°, ардахха +8+13°, халлаан дьайҕардаҕына -3°, хаһыҥныа, хоту -1-6°, күнүс +15+20°, арҕаа, хотугулуу-арҕаа +12+17°, Арктика кытылынан +7+12°.
Дьокуускайга түүн +3+5°, куорат таһыгар хаһыҥныыр — 0,2° диэри, күнүс +19+21°. Ардах түһэрэ күүтүллүбэт, хотуттан сөкүүндэҕэ 4-9 м түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: