Салгыы
Күн-дьыл туруга: инчэҕэй хаар уонна +35° 

Күн-дьыл туруга: инчэҕэй хаар уонна +35° 

Ааптар:
26.06.2025, 08:00
ЯСИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрбиттэринэн, Саха сирин арҕаа өттүгэр ардахтаах, Өлөөҥҥө, Мииринэй хоту өттүгэр  сорох сиринэн күүстээх ардах түһэр, этиҥнэнэр. Этиҥнээх ардахха сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээх тыаллаах. Өрөспүүбүлүкэ илин өттүгэр түүн сорох сиринэн быстах ардахтаах буолуо, Арктика кытылынан кыратык ардыа, түүн инчэҕэй хаардаах буолуо. Сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыаллаах, этиҥнээх ардахха сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээх тыалырыа. Түүн +8+13°, арҕаа +13+18°, хоту +5+10°, күнүс +25+30°, соҕуруу диэки +33°, Өлүөхүмэ улууһугар +35° кыраадыска тиийиэ, хоту +14+19°.

Дьокуускайга күнүс +24+26°, ардах түһэрэ күүтүллүбэт, соҕурууттан сөкүүндэҕэ 4-9 м түргэннээх тыаллаах.

Бары сонуннар
Салгыы
26 июня
  • 20°C
  • Ощущается: 19°Влажность: 52% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: