Күн-дьыл туруга: кулун тутар 16 күнэ
16.03.2025, 08:45

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?
Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, киин, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Дьааҥыга кыралаан хаардыыр. Анаабыр улууһугар сорох сиринэн хаардыа. Соҕуруу, киин улуустарга сөкүүндэҕэ 7-12 м түргэннээх тыалырыа. Хотугулуу-арҕаа, күнүс Өлүөнэ алын тардыытынан сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыаллаах. Анаабырга, Булуҥ улууһугар сорох сирдэринэн соҕурууттан сөкүүндэҕэ 15-20 м, күнүс 18-23 м түргэннээх тыаллаах. Түүн -25-30, киин, соҕуруу улуустарга -15-20, хотугулуу-илин -35-40, хотоол сирдэринэн -43-48. Күнүс -8-13, хотугулуу-илин -18-23, арҕаа -1-6.
Дьокуускайга күнүс -10-12°, түүн уонна сарсыарда кыралаан хаардыыр, хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээх тыаллаах, күнүс сөкүүндэҕэ 7-12 м түргэннээх тыаллаах буолуо.
+1
3
+1
+1
+1
+1
+1
+1
2
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: