Күн-дьыл туруга: кулун тутар 31 күнэ
31.03.2024, 08:30
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2024/03/sneg-900x596.jpg)
Хаартыска СИА
Бөлөххө киир:
Бүгүн, кулун тутар 31 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ илин, хотугулуу-илин улуустарыгар, күнүһүн хотулугуу-арҕаа улуустарга хаар түһүөҕэ диэн ЯУГМС иһитиннэрэр.
Соҕуруу, хотугулуу-арҕаа, хоту улуустарга сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, оттон Арктика улуустарыгар сөкүүндэҕэ 19-24 миэтэрэҕэ тиийэ, тибиилээх.
Түүн салгын температурата -23-28°С, хотугулуу-илин -31-36°С, хотугулуу-арҕаа -16-21°С, илин -12-17°С, хаар түстэҕинэ -5-10°С. Күнүс -6-11°С, хотугулуу-илин -13-18°С, илин, арҕаа хаар түстэҕинэ -4,+1°С буолуоҕа.
+1
2
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: