Күн-дьыл туруга: муус устар 1 күнэ
01.04.2025, 08:30

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?
Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр, Өлүөнэ алын тардыытынан, соҕуруу диэки кыралаан хаардыа. Күнүс соҕуруулуу-арҕаа диэки хаардаах ардах түһүө диэн күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр иһитиннэрэллэр. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыалырар. Кэбээйи улууһугар сөкүүндэҕэ 15-18 м түргэннээх тыаллаах. Түүн -10-15°, илин -20-25°, хотугулуу-илин -30-35°, арҕаа -4-9°, соҕуруулуу-арҕаа сорох сиринэн -4,+1°, күнүс -2+3°, илин -3-8°, хотугулуу-илин -11-16°, соҕуруулуу-арҕаа +3+8°.
Дьокуускайга бу күннэргэ күнүс -1+1° кыраадыс буолуо. Түүн кыралаан хаардыан сөп, соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 5-10 м түргэннээх тыаллаах.
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
3
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: