Күн-дьыл туруга: олунньу 10 күнэ
10.02.2026, 08:15
Хаартыска: pxhere.com
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ күн-дьыл хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?
Саха сирин арҕаа, соҕуруу, илин өттүгэр кыра хаардаах, Халыма-Индигиир оройуоннарыгар сорох сиринэн хаардыыр. Булуҥ, Анаабыр улуустарыгар сөкүүндэҕэ 9-14 м тиийэ түргэннээх тыаллаах буолуо. Түүн -35-40°, соҕуруу, Халыма диэки -25-30°, хотугулуу-илин -45-50°. Күнүс -25-30°, арҕаа -30-35°, хотугулуу-илин, хотугулуу-арҕаа -35-40°, соҕуруу диэки -15-20°, Халымаҕа -20-25°.
Дьокуускайга түүн -37-39°, күнүс -29-31°. Түүн кыратык хаардыан сөп. Түүн, сарсыарда туманнаах, арҕааттан 1-4 м түргэннээх тыаллаах буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: