Күн-дьыл туруга: олунньу 4 күнэ
04.02.2025, 08:30
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ төһө тымныйарый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох диэтилэр?
Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр хаар түспэт. Арҕаа сөкүүндэҕэ 17-22 м түргэннээх тыаллаах. Булуҥ кытылынан, Анаабырга, хотугулуу-арҕаа, Өлүөнэ алын тардыытынан сөкүүндэҕэ 24 м тиийэ тыалырар. Түүн -32-37°, хотугулуу-илин -42-47°, Өймөкөөҥҥө -49-54°, арҕаа -22-27°, хотугулуу-арҕаа -17-22°, күнүс -22-27°, хотугулуу-илин -32-37°, Өймөкөөҥҥө -43-48°, арҕаа -13-18°.
Дьокуускайга күнүс -26-28°. Кыралаан хаардыан сөп, хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 3-8 м түргэннээх тыаллаах.
+1
10
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: