Күн-дьыл туруга: сэтинньи 16 күнэ

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 16 күнэ

Ааптар:
16.11.2025, 08:40
Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, ЯСИА
Бөлөххө киир:

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?

Өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр кыралаан хаардыа. Өлөөҥҥө, Мииринэйгэ, Ленскэйгэ, Сунтаарга, Өлүөхүмэҕэ сорох сирдэринэн арҕааттан сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннээх тыалырыа. Анаабыр, Булуҥ оройуоннарын кытылларынан  соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 17-22 м тиийэ түргэннээх тыаллаах буолуо. Түүн -33-38°, халлаан дьайҕардаҕына -38-43°, хоту намыһах сирдэргэ -43-48°, арҕаа диэки -28-33°, сорох сиринэн -21-26°, күнүс -25-30°, хотугулуу-илин намыһах сирдэргэ -33-38°, арҕаа, соҕуруу диэки -17-22°, сорох сиринэн -10-15°.

Дьокуускайга күнүс -25-27°, хаар түһэрэ күүтүллүбэт, арҕааттан сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээх тыаллаах.

Бары сонуннар
Салгыы
16 ноября
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: