Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ
23.11.2025, 08:37
ЯСИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бүгүн таһырдьа хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?
Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр кыралаан, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу, Халыма диэки сорох сиринэн сөбүгэр соҕус хаардаах буолуо диэн иһитиннэрэллэр. Кыра тыаллаах, кытылынан сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м тиийэ түргэннээх тыалырыа. Түүн -35-40°, хаардаатаҕына -30-35°, хоту намыһах сиринэн -45-50°, арҕаа -20-25°, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа -10-15°. Күнүс -30-35°, сорох сиринэн -23-28°, хоту намыһах сирдэринэн -40-45°, арҕаа -18-23°, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа -8-13°.
Дьокуускайга түүн -35-37°, күнүс -30-32°. арҕааттан сөкүүндэҕэ 1-4 м түргэннээх тыаллаах буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: