Күн-дьыл туруга: тохсунньу 15 күнэ
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа тугу иһитиннэрдэ?
Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу улуустарыгар, Халымаҕа сорох сиринэн, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр кыралаан хаардыан сөп. Киин улуустарга нэһилиэнньэлээх пууннарга тымныы, туманнаах. Өлүөнэ алын тардыытынан, соҕуруулуу-арҕаа сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-18 м түргэннээх тыаллаах. Түүн -40-45°, хотугулуу-илин -46-51°, арҕаа -30-35°, соҕуруу -35-40°, күнүс -34-39°, хотугулуу-илин -43-48°, арҕаа, соҕуруу өттүгэр 18-23°. Арктика кытылын улуустарыгар сорох сиринэн кыралаан хаардыыр, сөкүүндэҕэ 9-14 м түргэннээх тыалырар, Анаабыр, Булуҥ улуустарын кытылларынан сөкүүндэҕэ 15-19 м түргэннээх тыаллаах буолуоҕа. Түүн -35-40°, халлаан дьайҕардаҕына -43-48°, кытылынан -28-33°, күнүс -31-36°, илин -36-41°.
Дьокуускайга күнүс -36-38°, хаар түһэрэ күүтүллүбэт, туманнаах, илинтэн сөкүүндэҕэ 1-3 м түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: