Күн-дьыл туруга: ыам ыйын 11 күнэ
11.05.2025, 08:40

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый?
Өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр кыралаан ардыыр, соҕуруу диэки сорох сиринэн ардах түһэрэ күүтүллэр. Халыма-Индигиир оройуоннарыгар сөҥүүтэ суох. Киин оройуоннарга, Өлүөнэ алын тардыытынан сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 15-20 м тиийэ түргэннээх тыаллаах. Түүн -3,+2°, ардах түстэҕинэ +3+8°, хотугу оройуоннарга -3-8°, күнүс +13+18°, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр +8+13°, хоту +3+8°.
Дьокуускайга күнүс +12+14°. Сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, соҕуруулуу-илинтэн 3-8, 8-13 м тиийэ түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: