Күн-дьыл туруга: ыам ыйын 14 күнэ
14.05.2025, 08:30

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый?
Өрөспүүбүлүкэ киин, соҕуруу, илин улуустарыгар сорох сирдэринэн кыралаан ардыыр. Алдан, Нерюнгри оройуоннарыгар сорох сиринэн ардах түһэрэ күүтүллэр. Арҕаа, соҕуруу, хотугулуу-илин, Өлүөнэ алын тардыытынан сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м тиийэ түргэннээх тыаллаах. Күнүс +8+13°, хоту, арҕаа +3+8°, Халымаҕа +13+18°.
Дьокуускайга күнүс +9+11°. Сарсыарда, күнүс кыралаан ардыыр, хотугулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 5-10 м түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: