Күн-дьыл туруга: ыам ыйын 29 күнэ
29.05.2025, 08:30

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый?
Саха сирин күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэрэ Бүлүү бөлөх, Өлүөхүмэ улуустарыгар ардахтаах, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Өлөөҥҥө түүн инчэҕэй хаардаах буолуо диэн иһитиннэрэллэр. Алдан, Нерюнгри, Хаҥалас улуустарыгар сорох сиринэн быстах ардахтаах. Кэбээйи, Эдьигээн оройуоннарыгар сөкүүндэҕэ 18-23 м түргэннээх тыаллаах. Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, киин улуустарыгар, Дьааҥыга, Усуйаанаҕа сөкүүндэҕэ 15-20 м түргэннээх тыаллаах. Түүн +12+17°, сорох сиринэн +7+12°, арҕаа +2+7°, хотугулуу-арҕаа -3,+2°. Күнүс +25+30°, арҕаа +20+25°, сорох сиринэн +10+15°, хотугулуу-арҕаа 0,+5°.
Дьокуускайга күнүс +24+26°. Сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, соҕуруулуу-илинтэн сөкүүндэҕэ 5-10 м түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: