Салгыы
Күн-дьыл туругуттан биэс рейс көһөрүлүннэ

Күн-дьыл туругуттан биэс рейс көһөрүлүннэ

16.08.2023, 14:30
Андрей Сорокин, СИА
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Дьокуускай куорат аэропордугар күн-дьыл туругуттан сылтаан «Полярные авиалинии» уонна  «Якутия» хампаанньалар «Дьокуускай – Сунтаар», «Дьокуускай – Ньурба», «Дьокуускай – Владивосток» хайысхаларынан сарсыардааҥы биэс рейстэрэ көппөтүлэр, хойукку болдьоххо көһөрүлүннүлэр.

Бу туһунан Саха сиринээҕи тырааныспар борокуратуурата иһитиннэрэр.

Көтүүлэрэ тардыллыбыт рейстэр пассажирдарыгар өҥөнү оҥоруу сокуона төһө тутуһулларын Саха сиринээҕи тырааныспар борокуратуурата хонтуруолга тутар.

Аэропортар үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, Ньурбаҕа көтөр ЯП 237 рейс 11:15 чааска (16.08.2023), 9237 рейс – 11:15 чааска, Сунтаарга көтөр  ЯП 225 рейс – 11:15 ч., ЯП 9225 – 11:15 чааска көтөр больдьохторо көһөрүллүбүттэр. Онтон  Владивостокка көтөр ЯК 491 рейс 16.00 чааска көтөрө сабаҕаланар.

Борокуратуура Федеральнай авиационнай быраабыланан көрүллэр өҥө төһө хаачыстыбалаахтык оҥоһулларыгар бэрэбиэркэ ыытар.

Мунаарар боппуруостаах дьон  Дьокуускайдааҕы аэропорт иһигэр баар Саха сиринээҕи тырааныспар борокуратууратын бэрэстэбиитэлигэр тиийэн ыйыталаһыахтарын сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: