Салгыы
«Күн оһуокайа» — оҕолор түһүлгэлэрэ

«Күн оһуокайа» — оҕолор түһүлгэлэрэ

Ааптар:
01.03.2024, 20:10
Хаартыскаҕа А.Мойтохонова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бырайыак былырыын саҕаламмыта уонна тута оҕолор, төрөппүттэр сэҥээриилэрин ылбыта, сүргэни көтөхпүтэ.

Бырайыак ааптара СӨ култууратын, үөрэҕириитин туйгуна, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай инстиутутун преподавателэ, Дархан оһуокайдьыт Сахаайта Мойтохонова. Кини култуура уонна үөрэх министиэристибэлэригэр бу “Күн оһуокайа” диэн оҕолорго тэлэбиисэринэн ыытыллар бырайыагы көмүскээн, былырыыҥҥыттан улахан үлэ ыытыллар.

Бырайыагынан “Бэс чагда” доруобуйаны чэбигирдэр кииҥҥэ саха тылын дэкээдэтигэр анаан улуустартан оҕолор түсмэллэр. Былырыын 110 сылдьыбыт буоллаҕына, быйыл 11  улуустан 124 оҕо кэлбит. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ. Кынаттар уонна кыттааччылар диэн. Кыттааччылар – 25, кынаттар — түөрт уонтан тахсалар. Маныаха быйыл Ил Түмэн “Һөҕүҥ” күрэхтэһиитин кыайыылаахтарынан буолбут эбии 50  оҕо кэлбит.

Бырайыагы дьон сэргээтэ, сэҥээрдэ. Тоҕо?

Бу ыйытыыбар Сахаайта Михайловна маннык хоруйдуур:

-Оһуокайга киһи толкуйдуур дьоҕура сайдар, тыла-өһө байар. Тылын толкуйдаан, тобулан, ыпсаран, уустаан-ураннаан этиэххин наада. Хамсаныыта эти-сиини эрчийэр. Ыллаан, дорҕоон таһааран киһи тыҥата сайдар, доруобуйата тупсар. Оһуокайга киһи эрчимирэр, сэргэхсийэр. Онон оһуокай бары өртүнэн туһалаах, көдьүүстээх.

Сыала-соруга – саха төрүт тылын сайыннарыы уонна түөлбэ оһуокайын уратытын кэнчээри ыччакка үөрэтии. Улахан болҕомтону тута хоһуйууга уурабыт. Тоҕо диэтэххэ, үөрэтэн баран оһуокайдыыр киһи оһуокайдьыт буолбатах. Өссө биир сүрүн сыалбыт – оҕолору доҕордоһуннарыы, сомоҕолоһуннарыы, түмсүүлээх буоларга үөрэтии-такайыы.

Икки нэдиэлэ устатыгар оһуокайдьыт оҕолор улаханнык сэргэхсийэллэр, элбэҕи билэллэр-көрөллөр, уһуйуллаллар. Ол курдук, идэтийбит оһуокайдьыттар кэлэннэр оһуокайга маастар-кылаас биэрэллэр, санааларын үллэстэллэр, сүбэлииллэр, ыйытыыларга хоруйдууллар. Эдэр оһуокайдьыттар эмиэ оҕолору кытары алтыһаллар, сүбэ-ама, маастар-кылаас  биэрэллэр.

Аны, доҕордоһууну кэҥэтэр соруктаах эстрада, Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, музыка, култуура кэллиэһин устудьуоннара, тас дойдуттан АГИКИга үөрэнэр ыччаттар кэлэннэр оҕолору кытары көрсөллөр, үҥкүүлэрин, ырыаларын көрдөрөллөр, кэпсииллэр.

Саха АССР норуодунай артыыһа Христофор Максимов пуондатын ырыаһыттара Василий Новоприезжай, Максим Гаврильев, Христофор  Максимов улахан уола Иннокентий Максимов кэлэннэр кэнсиэр көрдөрбүттэр. Маныаха оҕолор Христофор Максимов дэгэрэҥ ырыаларын билэллэрэ, тэҥҥэ ыллаһа олороллоро улаханнык үөрдүбүт. Онон бу сахалыы дэгэрэҥ уона оһуокай ситимнэрин бэлиэтиэххэ сөп эбит диир С.Мойтохонова. Итиэннэ пуонда көдьүүстээҕин көрдөрдө диэн бэлиэтиир.

“Голос.Дети” уонна «Күн оһуокайа»

Күөн күрэскэ кыттар оҕолорго биэс настаабынньык баар. Кинилэр кыттааччылартан биэстии оҕону ылан үөрэтэллэр-такайаллар. Настаабынньыктар кимнээҕий? Оҕолору оһуокайга уһуйар фольклор учууталлара, идэтийбит оһуокайдьыттар, бырайыакка үлэлэһиэн баҕалаахтар. Ол курдук, быйыл Сунтаар улууһун “Далбар оһуокайдьыта” Уйгулаах Күбэйэ Саарын кыыһа, Үөһээ Бүлүү Далырыттан алын сүһүөх кылаас учуутала Семенова Надежда Николаевна, Тааттаттан улууһун Дьохсоҕонуттан А.Е.Кулаковскай аатынан оскуола дириэктэрин иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Попова Лариса Анатольевна, Үөһээ Бүлүүттэн И.Барахов аатынан 1 №-дээх оскуола төрүт култуураҕа учуутала Герасимова Розалия Васильевна, Хороттон (Үөһээ Бүлүү) Филиппов аатынан сынньалаҥ киинин мэтэдииһэ Семенова Хаарчаана Захаровна кэлэн оҕолору үөрэтэ-такайа сылдьаллар. Маны сэргэ, АГИКИ НХК (норуот уус-уран култуурата) салаатын устудьуоннара Чириков Гаврил, Тютрина Туйгууна, Герасимов Кондратий кынат бөлөхтөрү салайан үлэлэтэллэр. Манна РЭКЦ (этно-култуура кииниттэн) иккилии устудьуон кэлэн көмөлөһөллөр.

“Күн оһуокайын” кимнээх өйүүллэрий?

Бастатан туран, СӨ култуура министиэристибэтэ үлэлэһэр. Сүрүн тэрийээччи — “Саха” НКИХ. Партнердар — АГИКИ, Үөһээ Бүлүүтээҕи Н.И.Бойлохов аатынан оҕо ускуустубатын оскуолата.

Күрэс хайдах быһыылаахтык ыытылларый?

Барыта биэс түһүмэҕинэн барар. Бастакыга 25 оҕоттон биэс оҕо туораан, кынаттар бөлөхтөрүгэр баран биэрэллэр. Ону уһуйааччылар көрө сылдьан кынаттар бөлөхтөрүгэр ыыталлар. Бу оҕолор кынаттар бөлөхтөрүгэр кэлэн салгыы үөрэнэллэр.

Полуфиналга анал дьүүллүүр сүбэ үлэлиир. Ол түмүгэр, уһуйааччыга биирдии оҕо хаалар. Онтон НКИХ аһаҕас эпииргэ, кулун тутар 7 күнүгэр, 19:00  чаастан түмүккэ биэс оҕо тахсар.

Наҕараадалара ботуччу, сынньалаҥнара астык

1 миэстэни ылбыт оҕо 100  тыһ. наҕараадаланар. Элбэх СМС куолаһы ылбыт оҕо – 50  тыһ. уонна 20, 15, 15 тыһ.солк. Ол эбэтэр бириис пуондата 200  тыһ. солк. Бу култуура министиэристибэтэ үбүлүүр.

Астарын-үөллэрин, “Бэс чагдаҕа” олороллорун үөрэх министиэристибэтэ уйунар. Оҕолорго суолларын-иистэрин төрөппүттэр төлүүллэр. Оттон тэрээһиҥҥэ сүрүн эппиэтинэһи “Саха” НКИХ сүгэр. Продюсер — Елена Керемясова, дириэктэр — Олег Колесов, эрэдээктэр — Татьяна Апросимова. “Бэс Чагдаҕа” баһаатайдар оҕолорго интэриэһинэй буоларын курдук, араас оонньуулары, күрэстэри тэрийэллэр.

-АГИКИ быйылгыттан устудьуоннары ыытан биһиэхэ көмөлөһүннэрэр. Үөрэтии-такайыы сүрүн үлэтэ биһиэхэ сүктэриллэр, — диир Сахаайта Мойтохонова.

Ыра санаа ымыыта

-Ыччакка, улахан дьоҥҥо, аҕам саастаахтарга эмиэ маннык тэриллиэн сөп эбит. Маныаха тэрийээччилэр улуустарга оһуокай киэһэлэрэ, күрэстэрэ тиһиктээхтик ыытылла туралларыгар баҕараллар.

Манна даҕатан эттэхпинэ Дьокуускайга Олоҥхо тыйаатырын иһинэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, “Күн оһуокайын” дьүүллүүр сүбэтин бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Иванов “Олоҥхо оскуолатын” үлэлэтэр. АГИКИ устудьуоннара онно үөрэнэ таарыйа көмөлөһөллөр. Онон сэргиир, сэҥээрэ дьон кэлэн дьарыктанан сайдыахтарын, туһалааҕы оҥостуохтарын сөп.

Хоту дойду оҕолоро кэлиэхтэрин олус баҕараллар. Ол эрээри, хомойуох иһин, айан суолун төлөбүрэ ыарахан буолан, кыайан кэлбэттэр. Онтон наһаа хомойоллор.  Дьиҥэр оһуокайдыан, үүнэн-сайдан тахсыан сөптөөх дьоҕурдаах  оҕолор кыайан кэлбэттэрэ олус хомолтолоох, кыһыылаах. Онон бу кыһалҕа быһаарыллыан баҕарабыт.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: