Күн оһуокайын үөрэтии ньыматын быраабылалара
АГИКИ үөрэх кыһата каникул кэмигэр үөрэнээччилэргэ, эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар, фольклор учууталларыгар Күн оһуокайын үөрэтии ньымаларыгар анал куурус ыыта сылдьар.
Үөрэҕи Саха сиригэр киэҥник биллэр Дархан этээччи, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, АГИКИ преподавателэ Сахайта Михайловна Мойтохонова ыытар. Манна куораттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Үөһээ Бүлүүттэн кэлэн үөрэнэ сылдьаллар. Практическай чаастарга этээччилэр кэлэн маастар-уруок ыыталлар. Мин бүгүн Сахаайта Михайловна ыҥырыытынан тиийэн көрсүһэн, үҥкүү тылын этээччилэр тустарынан кинигэбин кэпсээтим. Оһуокайдьыт бастатан туран, оһуокайга сүрэҕин тардыһыытынан сылдьар. Үҥкүү тылын этээччилэртэн бэйэтэ холобур туттар киһилээх буолуохтаах. Мин СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Ивановна Егоровнаны-Тойуктаах Маайаны олус астына, сөбүлүү көрөрүм. Куолаһын астынарым таһынан, мэлдьи сахалыы маанытык таҥнар үҥкүү этээччитэ этэ. Кинилиин элбэхтик алтыһан бииргэ сылдьыбытым.
Үгэһи тутуһан, оҕолордуун оһуокайдаатым, олус үчүгэйдик батыһан үҥкүүлүүллэриттэн сүргэм олус көтөҕүлүннэ.
Салгыы оҕолор, кууруска үөрэнэ кэлбит дьоннуун Сахаайта Михайловна сорудаҕынан тема талан, тутатына хоһуйарга дьарыктана хааллылар.
Марта Николаева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: