Гаврил Адамов-Сайдам «Дьыбардаах дьылҕа» диэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар 2015 сыллаахха бэчээттэммит сэһэнин аахтым. Кинигэ «Бүдүрүйбүт да көнөр» диэн сиэрийэҕэ тахсыбыт.
Аата да этэрин курдук, сэһэн ис хоһооно судургута суох.
Саха сиэринэн, суруйааччы хара ааныттан ыарахан дьылҕалаах киһини ырыппытынан барбат, кинигэ дэриэбинэ үүт-тураан олоҕо ойууланарыттан саҕаланар. Тыа ыала Суоппуйа, Кууһума Кууһумууннар сарсыардааҥҥы чэйдэрин иһэ олорон, оргууй дьиэ иһинээҕини кэпсэтэллэр. Ол эрэн, кэпсэтии сүнньэ арыгыга тиийэн иҥнэр…
Сэһэн сүрүн дьоруойа – Дьоҕур Харачаайап. Алта уон сааһыгар чугаһаабыт, дьоҥҥо-сэргэҕэ «Итириксит Дьоҕур» диэн аатынан биллибит аҥардас муҥнаах. Ханна да үлэлээбэт, дьоҥҥо айаҕын уонна арыгы иһин ону-маны үлэлиир. Хаста да хаайыы дьиэлэнэ сылдьыбыт. Дьэ бу Дьоҕур биирдэ күүскэ итирэн, суолга охтон, үлүйэн эрэрин Хаартыһыт Харытыан түбэһэ көрөн, быыһыыр.
Дьиҥэ, кини олоҕо үчүгэйдик саҕаламмыта ээ, ийэ-аҕа, эдьиий муҥура суох тапталларыгар угуттанан. Элбэх оҕоҕо тиксибэтэх дьоллоох оҕо саас. Оскуолаҕа үөрэҕин ыарырҕаппат, тылга сыһыаннаах, хоһоон суруйар, эт-хаан да өттүнэн саастыылаахтарын баһыйан ыстаҥаҕа ситиһиилээх, аармыйаҕа сылдьан буоксанан дьарыктанар. Ол эрээри, барыта итэҕэс-быһаҕас, ситэ дьарыктаммат, тиһэҕэр тиэрдибэт.
Мин саныахпар, бастакытынан – иитиитэ кыаллыбатах. Аҥардастыы атаахтатыы алдьатыылааҕын дьоно барахсаттар кэлин кэмсиммиттэрин иһин хайыахтара баарай?! Дьиҥэр, Дьоҕур бэйэтэ онно буруйдаах дуо? Төрөппүттэрэ аһары өрө туппут, баҕарбытын барытын толорор, сэттэ сааһыгар диэри ийэтин эмпит оҕо, биллэн турар, бэйэмсэх, ордуос майгыланара ханна барыай? Аан дойду киниэхэ анаан айыллыбытын курдук саныыр буоллаҕа эбээт.
Иккиһинэн, улааппыт киһи син бэйэтин майгытын муоһаланыа эбитэ буолуо, ол Дьоҕурга кыаллыбатах. Дьылҕа киһини үтэн-анньан, итиинэн-тымныынан хаарыйан киһи гынар буоллаҕа эбээт, онно сынтарыйбыт хайыай, олох оргуйар үөһүттэн эһиллэн, аралдьытынара арыгы, сатыыра бэйэтин баараларыныын суксуруһуу буоллаҕа.
Устунан ыһыктынан, дьаалатынан устар дьылҕатын эрдиитэ суох түөрэккэй тыыта үлүйэн ириҥэнэн уста сытар Дьоҕуру дьиэ түөрт истиэнэтигэр хаайан, баҕарбатаҕын да иһин олорон кэлбит олоҕун сыымайдыырыгар, анаарарыгар тиэртэҕэ. Саллар сааһын тухары өрө тутан кэлбит куһаҕан кэмэлдьититтэн бу үлүгэр буола сытар сордоох, этэ-хаана, өйө-мэйиитэ арыгы дьаатыттан арыый сайҕаммыт кэмигэр олоҕун бүтүннүү ырытан, кэмсинэн-кэмиринэн, кэп туонан биэрээхтиир – «орто дойдуга төрөөн ийэбин, чугас дьоммун үөрдэн, үлэлээн иитэр, сиэннэрин биэбэйдэтэр оннугар итирэн, иирээки буолар дьүһүммүн, хабырына хачыгырыыр дууһам хаһыытын, сатала суох салаҥ тылларбын, үөхсэр-кэмиринэр майгыбын эрэ көрдөрдөҕүм… Абаккалаах олох, дьыбарынан дьааһыйар дьылҕалаах, төттөрү сүргүөхтэммит төлкөлөөх, оннун булбатах сибиэн буолан сырыттаҕым… »
Ол да буоллар, барыта оннук наһаа куһаҕан буолбатах ээ. Дьиҥэ, Дьоҕурга сорох сорохпутугар суох үтүө өрүттэр бааллар. Кини бастакы тапталын туһунан сырдык өйдөбүлүн үйэтин тухары сүрэҕэр суулаан илдьэ кэлбит. Кэнники санаатаҕына, олоҕор буолбут сырдык өйдөбүл таптаабыт кыыһын Дора эрэ туһунан эбит.
Ону таһынан, төһө да арыгы кини туһугар «кэнникинэн сирдиир харах, ыйар ыйаах, хамсатар күүс» буолбутун иннигэр, атын дьоҥҥо бэйэтин курдук дьылҕаны баҕарбат.
Сэһэҥҥэ Элэс Сеня диэн эдэр оҕо баар, Суоппуйалаах Кууһума улахан уоллара. Дьоҕур биирдэ муус тиэйтэрээри гарааска таарыйар. Онно эдэр дьон «кучу-мачы» гына олороллоругар түбэһэр, онно Сеня баар.
Элэс Сеня ааттыын элэс. Кини майгытын ааптар бэргэнник ойуулуур, ону кытта ааҕааччыга түргэн, сытыы, чэпчэки соҕус майгы көстөр: «ойон турбута… өрүкүнэйэ түспүтэ… сып курдук этиммитэ… кыттыһа охсубута… иһитин хантас гыннараат, кыра ньуосканан балык кэнсиэрбэтин үрдүгэр түспүтэ… табыгаһа суох баҕайытык күлэн алларастаабыта, соннук улгумнук бүппүтэ, уоһун-тииһин соттуммута». Дьоҕур бу уолу Кууһума оҕото буоларын истэр, уонна арыгы иһиитигэр олус көхтөөҕүн бэлиэтии көрөн, «саҥа улаатан эрэр киһини харыстаан атыҥыраабыта, сөбүлээбэтэҕэ».
Кини Сеняҕа туһаайан: «Нохоо, олоҕунан оонньооботтор, өйдөө» – диэн эппитин Сеня өйүгэр туппут, ылыммыт. Бу тыллар эдэр уолга улдьаа сылдьар үчүгэйгэ тиэрдибэтин аан бастаан өйдөппүттэрэ. Онон биир эдэр киһи Дьоҕур дьыбардаах дьылҕатын хатылаабатыгар эрэниэҕиҥ.
Сэһэҥҥэ айылҕа олус үчүгэйдик ойууланар: «Аҕыйах хоноот, кыстык хаар халыҥнык түспүтэ. Сир-дойду кыстыыр таҥаһын бүрүнэн, маҥан суорҕанынан кичэллээхтик үллүммүтэ. Итии тыынын хаар анныгар мунньунан, унньуктаах кыстыгар утуйардыы тэриммитэ». Хас биирдии саха киһитигэр кыстыкка киирии, сир-дойду муус маҥан хаарынан туналыйа сырдыыра долгутуулаах көстүү эбээт!..
Сайылык туһунан: «Үчүгэй да этэ! Ол сылаас күн, сибэккинэн толору симэммит сайылык киэҥ иэнэ, араас дьүһүннээх элбэх лыах дайбаҥнаһа көтөр ирээттэрэ, күөрэгэй чыычаахтар үөһээнэн-аллараанан сурулаһа оонньууллара, куоталаһар кэриэтэ дьырылас ырыалара сырдык, ыраас тыыннаах олоҕу киэргэтэрэ, күөл кытыытыгар өрө анньан эрэр от нуһараҥ долдгуннара өйгө дириҥник да иҥмит эбиттэр». Дьиҥэ, сайылыктан киэҥ сиргэ көһөн киирбит Дьоҕур оҕо балысхан сайдыылаах олоҕу соччо ылымматаҕа, ол да инники дьылҕатыгар дьайдаҕа.
Айылҕа Дьоҕур өйүгэр-санаатыгар улахан дьайыылаах. Хаайыыттан босхолоноот, кини сайылыгар тардыһар. Маанылаан аҕай улаатыннарбыт аар айылҕата кини сүрэҕин сырҕан баастарын саҥата суох эмтиир, уоскуйуу туругар тириэрдэр. Ол сэһэҥҥэ биир сырдык сурааһын.
Сэһэҥҥэ Дьоҕур бииргэ аһыыр-сиир, аһыы утаҕы антах аспат атастара ааттара да этэ-кэпсии тураллар – Кыл гыннарар Көстөкүүн, Бөппүрүөк Бөтүрүүс, Баһаам Боруонньа, Урааҥхай Уйбаан, Сымнаҕас Сааба, Сэбирдэх Сэмэн... Ол эрээри кини олоҕор үтүө доҕоттор эмиэ бааллар – Верхоянскай Коля, Барыыс Киргиэлэйэп, Кууһума.
Дэриэбинэҕэ иһэ сылдьан баран баҕа өттүлэринэн аат аһыттан аккаастаммыт Кууһума уонна Кириил кэпсэтиилэрэ инникигэ эрэли саҕаллар. Кууһума саныыр: «Аны кэлэн биһиги туохха кыайтарыахпытый – өй-санаа чэгиэн, илии, атах баар, сатабылы-ньыманы тобулабыт, сүбэлэһэри сатыыбыт. Сүбэ кыайбатаҕа диэн суох! Оо, бу үчүгэйин!». Кинилэр иккиэн арыгы куһаҕанын эттэринэн-хааннарынан билбит дьон быһыытынан, бэйэлэрин урукку дьалхааннаах сырыыларын кэпсээн туран, арыгы иһиитин утары охсуһар сырдык санааны ылыналлар. Кириил этэр: «Арыгыттан тохтообуттары кытта кэпсэтиэххэ, дьоммут, дэриэбинэбит туһугар. Муҥур уһукка, саха норуотун туһугар!». Эрэл баар.
Оттон Дьоҕур… Бэттэхтиэ суох буолан балыыһаҕа киирэр. Үтүөрэн төннүө дуо? Дьылҕата анаабыт күннэрин арыгыга аймаабакка киһилии олоххо олоруо дуо? Күн олоҕун мүлчү туппатар ханнык… Арыгы уйата буолбут дьиэтигэр эркиҥҥэ ыйанан турар олоҕун кэрэ кэмин санатар хаартыскалардаах арааматтан одуулуур чугас дьоно араҥаччылыыр күүстэригэр итэҕэйиэҕиҥ.Сэһэн аһаҕас сөллүүлээх түмүктэнэр, ол эрээри ааттыын Дьоҕур – «дьыбарынан тыыммыт дьылҕата» киниэхэ ыраас, уу нуһараҥ күннэри анаабыт буолуохтааҕар эрэнэн сэһэн бүтэһик илииһин оргууй сабабын…
Мария ГАБЫШЕВА, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Кииннэммит
бибилэтиэкэтин ситимин кылаабынай методиһа, СӨ култууратын туйгуна, Майа с.
Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…
Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.
Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ, “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…
Мичиган университетын учуонайдара наар газтаах утаҕынан уонна хот-догтарынан аһылыктанар киһи олоҕо төһө бириэмэнэн кыччыырын (кылгыырын)…
ПАВЕЛ ЦЫПАНДИН 65 СААҺЫГАР — САДУОУК ТУРНИРА! Саҥа дьыллааҕы күннэри түмүктүү Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа…
Саха сирэ “Рождение ребенка” суперсервиһи туһанан саҥа төрөөбүт оҕону бэлиэтэттэрии ахсаанынан Уһук Илин уокурукка инники…