Салгыы
Күн сиригэр саамай күндү — күн сырдыга

Күн сиригэр саамай күндү — күн сырдыга

04.01.2025, 20:00
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Сыл бүтэһик күнэ тиийэн кэллэ. Дьэрэкээн кырыанан бүрүллүбүт түннүгү одуулуубун. Дьиримниир уоттардаах араас өҥнөөх лаампалар иилиллибит буоланнар, түннүгүм били остуоруйа дойдутугар киирэр дьикти халҕан кэриэтэ.

Тоҕо эрэ тиийэммин, оҕо сааспын санааммын, кырыаны тарбахпынан даҕайан уулларбыппар, ойбон хараҕын курдук төгүрүк дьэҥкэрэн көстөр чуолҕан баар буолла. Дьиҥэр, бу будулҕан тумаҥҥа-дьыбарга тугу да эмиэ көрөөрү түбүгүрдэмий? Ол эрэн, тугун дьиктитэ-эй, туох эрэ сандааран, оол ыраах кылайар баар ээ. Ол курдук, өр ол сырдык чугаһаан кэлэн одуулаһан, түннүкпэр бүк сытан утуйан хааллым быһыылаах…
Арай хобо лыҥкынас тыаһыттан уһуктан кэлбитим, сымнаҕас да сымнаҕас көп тэллэххэ сытабын. Тулабар нарын да дьүрүскэн, дьиэ иһэ минньигэс ас сытынан барбахтык туолбут.
— Бэйи эрэ, кыыспыт, Тосябыт уһугунна дуу?! Дьэ, эрэ, сэһэргэһиэх баара, ыраах айанныах иннинэ.
Арай, мин диэки үрүҥ бытыктаах, хойуу маҥан баттахтаах, күлэн мыччыллыбыт сирэйдээх сырдык дьүһүннээх кырдьаҕас чугаһаан кэллэ. Ханна эрэ мин кинини көрбүт курдукпун да, тоҕо эрэ чопчу билбэтим.
— Хайа, тоойуом, кытаат, тур, уһугун, сэргэхсий. Тумаҥҥа баттатан өр да утуйуох курдуккун эбит. Сылайбытыҥ-элэйбитиҥ да бэрт эбит. Тоҕо да ити курдук тоҕо түһэн сылдьаҕыт. Харыстанан, наллаан, кэмигэр сынньанан, уоскуйан, иһиллэнэн сылдьар куолута. Барыны бары сабардаабыт диэн суох. Күн сиригэр саамай күндү — күн сырдыга. Эдэр буолан ону сыаналаабаккыт ээ.
Мин туран тулабын көрүммүтүм, арай, оҕо эрдэхпинэ сылдьыбыт уһуйааммар утуйар хоспутугар баарбын эбит. Саалаҕа харыйа дьэрэкээн оонньуурдарынан киэркэйэн турар. Оҕолор Эһээ Дьыл кэлэригэр бэлэмнэнэн ырыа-хоһоон үөрэтэн ол сүпсүлгэнигэр сылдьаллар эбит. Мин хап-сабар ороммун оҥордум. Били кырдьаҕаһым муннукка олорон күлэн мичиҥниир. Мин соһуйбут көрүҥмүн көрөн, оргууй ыҥырда уонна сибигинэйэн эттэ:
— Тося, эйиэхэ мин бэлэҕим диэн — бүгүн эн бэйэҥ ыра санааҕын толоруом. Хоболоох табанан Халлаан уолун хайыһарын суолун батыһан, ырыых-ыраах Өлүөнэ Эбэбит дьааҥы хайаларын үрдүлэринэн көтүтүөхпүт. Дьүкээбил дьиримниир уоттарын кэрэхсии көрүөхпүт, Араҥас сулуска чугаһаан, кини сандаарар кыымнарынан арчыланыахпыт.
— ⁠Тыый, тугун бэрдэ-эй! Саҥа Дьыл үүнэр түүнэ алыптаах дииллэрэ кырдьык эбит буоллаҕа. Оччоҕуна, эһээ, тиэтэйиэх. Мин бу оҕо сааспар тиийэн кэлбиппин быһыылаах дии. Тиэтэйиэх, мин дьиэбэр-уоппар тиийэн түбүгүм элбэх ээ. Ас астаан остуол тэрийэрим диэн, дьаһанан-дьапсанан ыалдьыттары көрсүү-атаары…
— ⁠Тося, өйдөөтүм. Ол эрэн, мин эйигин мээнэҕэ бу ыраах Күүлэтиҥ сиригэр аҕалбатым ээ. Эн кэлин олус ыгымҥын, ыксалгын. Олоххут, үлэҕит да аныгы дьон ити курдук: сүүрүү-көтүү, ыксал-тиэтэл. Эн кырыалаах түннүккүн одуулаһаргар: «Оҕо сааспар эргиллибит киһи-ии, ийэм сылаас илиитин билбит киһи-ии, оттуллубут оһох тыһыргыыр тыаһын истэ-истэ остуоруйа аахпыт киһи-ии», — диэбитиҥ ээ.
— ⁠Эһээ, онтон оннугунан оннук эрээри, ол аны хаһан да туолбат ыра санаа буоллаҕа дии. Саҥа Дьылга бары да оҕо сааспытын ахтабыт, бары оҕо буолан ылабыт. Онон эйиэхэ махтал! Ити бииргэ уһуйааҥҥа сылдьыбыт оҕолорбун көрөн үөрдэхпиэн!
— ⁠Тося, олус эрдэ махтаныма. Оҕо сылдьан, өйдүүгүөн, эн Сардаана уонна Тока диэн кыргыттардыын «12 ый» диэн остуоруйаны оонньоон турардааххыт. Эн онно кими оонньоотуҥ этэй?
— Тыый, Эһээ, ону эн хантан биллиҥ? Кырдьык, мин ол остуоруйаҕа бардам, киҥнээх маачаха оруолун толорбутум. Сардаана мин таптыыр кыыһым этэ. Тока барахсаны атаҕастаан тоҥуу хаары оймотон, бытарҕан тымныыга тайҕаҕа баран сибэкки аҕаларын модьуйарым…
— ⁠Дьэ, ол баара…
Билбэт кырдьаҕаһым хаастарын түрдэһиннэрэн, бытыгын имэринэн, тугу эрэ толкуйдуу олордо.
— ⁠Эһээ, ол остуоруйаҕа буолан мин Токаны ойуурга ыыппытым. Бэйэм буоллар, тоҕо мин да кыс ортото сибэкки ирдиэмий.
Сэрэйдэхпинэ, кырдьаҕас ол мин толорорго күһэллибит маачахабын сөбүлээбэккэ тус бэйэбин тургутан көрүөх быһыылаах.
— Чэ, ыраах айаннаах дьон тиэтэйиэх. Мин эмиэ эн курдук түбүгүм олус элбэх. Миигин сарсын дьиэ аайы күүтэллэр.
ххх
Таһырдьа тахсыбыппыт сүүрбэччэ таба хоболоох сыарҕалаах, дьэрэкээн киэргэллээх кэтэһэн тураллар эбит.
Мин биир сыарҕаҕа таба олбоххо олорон куобах тириитэ суорҕанынан бүрүннүм. Сотору буолаат Эһээ бэрт эйэҕэстик табаларын соруйда. Ол кэннэ тумарык быыһынан, сулустаах халлаан диэки табалар көтүтэн сундулуһан таҕыстылар. Уу-чуумпуга хобо лыҥкынас тыаһа кылыгырыы оонньоото…
Биирдэ көрбүтүм үрдүк дьааҥыларга кэлэн турабыт. Өлүөнэ эбэбит нэлэмэн бэйэтэ иһийэн-налыйан халыҥ хаар суорҕанынан бүрүллэн сытар.
— Кэрэти-иин! Туох да кыһалҕата суох бу курдук чуумпуну иһиллээбит киһи-ии!
— ⁠Тося, бу чуумпуну, бу кэрэни бүгүн мин эйиэхэ эмиэ бэлэхтиибин. Тулаҕын көрүн, сүрэххин иһит. Оччоҕуна эн куһаҕаны үчүгэйтэн араарыаҥ, дьиҥ дуу, дуй дуу диэн быһаарыаҥ, туох кырдьыгын, сымыйатын билиэҥ.
Мин эйигиттэн биири көрдөһүөм этэ: манна үүнэр от барыта эмтээх. Арай, эн биир эмэ оту хаһан хомуйдаргын…көдьүүстээх дьарык буолуо этэ.
— Эһээ, бу тымныыга мин хайдах ол хаар анныттан от хомуйуомуй? Эчи, тымныыта, дьыбара, чысхаана.
Өйдөөн көрбүтүм тайҕа ортотугар суос соҕотох хаалан турар эбиппин. Тоҕо ити кырдьаҕас миигин бу курдук тургутарга сорунна? Тоҕо эрэ били оҕо эрдэҕинээҕи быһыыбын санатта ээ. Бэйи, били остуоруйабын саныым эрэ…
Ити курдук, ону-маны саныы-саныы тоҥуу хаары оймоон, чигдинэн хааман иһэн ыркый быыһынан көрбүтүм кулуһун тула дьон сэлэлээн олороллор. Сылгыһыттар диэхпин, сылгылара-көлөлөрө суох. Булчуттар диэхпин саа-саадах суох. Эчи, таҥастара да мааныта дьикти.
Арааһа, били остуоруйа уоланнара — дьыл 12 ыйа түмсэн сылдьаллар эбит.
— Хайа, Тося, биһигини биллиҥ дуо? Сахалыы ааппытыҥ этиэҥ буолаарай?
— Билэн-билэн, эн Ахсынньыгын, таскар Тохсунньу уонна Олунньу тураллар.
— Дьэ, маладьыас. Сахалыы билэриҥ олус бэрт. Үөрдүбүтүҥ иһин биһиги эйиэхэ оттору хомуйаргар көмөлөһүөхпүт. Кэлиҥ эрэ балыстар, бэс ыйа уонна от ыйа! Күн уотун аҕалан ол алаас хаарын уулларыҥ, сыралҕан сылааһы түһэриҥ, чээлэй күөҕү тэнитиҥ, сир симэҕин ситэриҥ!

Көрүөх бэтэрээ өттүгэр арай иннибитигэр сыппыт алааспыт үрдүнэн туллук үөрэ үмүөрүстэ, күрүлгэн тыаһа дууһаны ыллатта. Сандал саас тиийэн кэллэ! Күөрэгэй дьырылас ырыата, күн көмүс утаҕа — оо, ахтылҕаннаах күөх сайын!
— Тося, кытаат, ыксаа-тиэтэй! Бу курдук өрүү буолбат. Хомуйар отуҥ аатын билэр буоллаххына, ол отуҥ дьиэҕэр тиийэ күөх буолуо, иҥэмтэлээх эмтээх буолуо. Чэ, кытаат!
Мин иһиттим эрэ истибэтим эрэ, алааска тахсаммын отторбун хомуйдум: ньургуһун, хасхара, алтан төбө, бөрө ото, уунньуула, көмүс силис, үөрэ, сытыган эрбэһин. Тыый, хата, син от арааһын хомуйдум ээ.
Бу турдахпына күүстээх тыал түстэ, будулҕан буурҕа ытыйда. Күнүм туманынан бүрүлүннэ. Олус да тоҥмуппун. Тоҕо ити Эһээ дьыл миигин бу тайҕаҕа аҕалан соҕотохтуу хаалларда? Дьиҥэр кыыһырыах-уордайыах эбиппин, ол эрэн тоҕо эрэ олус холкубун. Уоскуйан тулабын көрүннүм. Мастар быыстарынан күн сандаарарын батыһан тахсыбытым, арай, мин Лена очуостарын мындаатыгар турабын! Чэбдик салгын, көҥүл тыына дууһабын толордо! Арай уҥуор туох эрэ дьэрэкээн уоттар кылайаллар. Мин кыаҕым баарынан ол уҥуоргу кытылга таластым. Чугаһаан кэлбитим бэрт улахан түннүктэрдээх дьиэҕэ дьоро тэрээһин саҕаламмыт. Мин бу дьоллоох дьон ортотугар баар буолуохпун олус баҕардым. Арай саныам эрэ кэрэх, аан арылынна уонна оҕом сэргэх куолаһа чугдаарда: «Ийээ, хайа, эйигин кэтэһэбит. Сотору түүн оройо буолуо дии. Саҥа сылга үктэниэхпит! Баҕа санааҕын сааһылан!»


Тыый, бу туох остуоруйа дойдутугар тиийэн кэллим? Эргиччи көрүммүтүм «Ленские столбы» сынньалаҥ базатыгар тиийэн кэлбиппин. Тугун бэрдэй! Бу эмиэ мин биир баҕа санаам этэ — ол туолбут эбит дии.
Иэдэспэр сөрүүн салгын сааллыбытыгар өйдөөн көрбүтүм, Эбэбит кытылыгар табаларын бэрийэн Эһээ Дьыл турар эбит. Кини миэхэ эйэҕэстик далбаатаата, күлэн мыччыллыбыт сирэйэ эһээбин санатта…
Саҥа Дьыл саҕаланна!

Антонина УСКЕЕВА

+1
77
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 января
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: