Кынаттаах хоһооннор көттүлэр
«…Сыллар хонуктар аастар-ааһаллар…” диэн ырыа тыла баара. Онтон бу сыллар-хонуктар хас биирдии киһиэхэ туох бэлиэни хаалларан, туох туһалааҕы торумнаан сырабытын-сылбабытын ылан ааспытын эргиллэн көрдөххө араас барыта баар буоллаҕа.
Үөрүү, хомолто, ситиһии, түһүүлэр-тахсыылар, дьоллонуу, хомойуу… Итинник салгыы тиһэн бара туруохха сөп. Дьэ бу олох олоруу оҕо саастан араас көстүүлэрин, дьэрэкээн суолун хоһооҥҥо холбоон, сурукка тиһэн «Үрүҥ түүн үҥкүүтэ» уонна “Күһүҥҥү долгураҥ” хоһоон хомуурунньуктарын бэчээттэтэн таһаарда Кэбээйи нэһилиэгин терапевт-бырааһа Любовь Стручкова.
Любовь Петровна аҕатын, төрүт Кэбээйиттэн силис тарпыт бэйиэти Петр Иванович Кобяков-Петр Оһуордуурап туһунан истибэтэх киһи аҕыйах буолуо. Кэбээкэптэр айар куттаах аймах буолалларын эмиэ бары билэбит. Дьэ бу халыҥ аймахха бииртэн-биир тыл уустара, суруйуу маастардара төрөөн-ууһан ааспыттара уонна суруйа, айа-тута олороллор.
«Миигин эдьиийим Варвара Петровна Протопопова дьахтар сэбиэтин салайан олорон, “Далбар Хотуттар» күрэхтэригэр кытын диэн модьуйсан туран киллэрбиттээх. Ол күрэххэ бэйэм айбыт хоһооммун аахпытым. Ону эдьиийим барахсан “талаан таайбыт кыыһа эбиккин, хайаатар да итинтиккин салгыаххын наада эбит” диэн эппитэ. Дьэ онно үтүө сыана быстараммын хоһооннору айыыга ылсан турабын. Дьиҥэр мин хоһоонньут буолбатах этим, кэпсээннэри суруйабын» диэн Любовь Петровна хомуурунньугун презентациятыгар ыҥырыллан кэлбит аймахтарыгар, кэлиэгэлэригэр, дьүөгэлэригэр бастакы кыым саҕыллыытын билиннэ.
Любовь Петровна хоһоонун хомуурунньуктарын балта саха тылын уонна литературатын учуутала Марина Ивановна Егорова сиһилии ырытта: «Любовь Петровна олоххо дьиҥ буолбут түгэннэри хоһоонугар холбообут, оҕо, эдэр саас эрдэххэ элэстэнэн ааспыт, хас биирдии киһи олоҕор суолу-ииһи хаалларбыт түгэннэри, эбээтиттэн, эһээтиттэн саҕалаан ийэтигэр, аҕатыгар уостубат сүгүрүйүүтүн, билиниитин хоһуйар. Ийэ дойдуга таптал, олох мөккүөрэ таарыллан ааһаллар…”
Любовь Петровнаны бэриниилээх быраас, хаһыс да ыҥырыыга талыллан үлэлиир дьокутаат, уопсастыбынньык, күүстээх куоластаах ырыаһыт быһыытынан бары билэбит. Онтон бүгүн Любовь Петровна биһиги иннибитигэр хоһоонньут быһытыынан таҕыста. Любовь Петровнаны бүгүҥҥү ураты күнүнэн эҕэрдэлээн, Полина Победа хоһоон айан ыытта» диэн кини хоһоонунан эҕэрдэлээтэ Александра Алексеевна Егорова.
Бүгүҥҥү ураты долгутуулаах күнүгэр Любовь Петровнаны чугас аймахтара Николай, Елизавета Софронеевтар, бииргэ төрөөбүт быраатын дьиэ кэргэнэ, оскуола, устудуьуон, музыкальнай оскуола сылларыгар бииргэ үөрэммит доҕотторо, Кэбээйитээҕи участковай балыыһа кэллэктиибэ, «Сандаара” дьахтар түмсүүтэ, «Кулуһун куттар” айааччылар түмсүүлэрэ, учууталлара П.М.Максимова, М.С.Максимова, “Кыһыл Кэбээйи” түмсүүлэр, 10 кылаас үөрэнээччилэрэ уонна дьүөгэлэрэ эҕэрдэлээтилэр, хоһоонноро кынаттанан көтөллөрүгэр баҕардылар.
Любовь Петровна айымньылаах көтүүтүгэр олук уурсубут дьонунан А.А.Егорованы, А.Ф.Левинаны, В.Е.Лугинованы ааттаталаата. «Кулуһун куттар” айааччылар түмсүүлэригэр киирэн айар дьоҕуругар эбии күөртээһин баарын бэлиэтээтэ. Хоһоонньут Любовь Петровна хоһооннорун хомуурунньуга тахсыытыгар сүбэ-ама биэрэн суолу-ииһи тобулсубут Р.Н.Тимофееваҕа махтанна уонна махталын ырыанан түмүктээтэ.
Хоһоонньут хомуурунньуктарын хас биирдии күндүтүк саныыр, ытыктыыр дьонноругар, ыалдьыттарыгар илии баттаан, баҕа санаатын суруйан утары уунан бэлэхтээтэ.
Татьяна Максимова-Лазарева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: