Хаартыска: В.И. Степанова тиксэриитэ.
Кэнники сылларга Ньурба улууһун Күндээдэ сэлиэнньэтигэр хас да социальнай эбийиэктэр тутулуннулар. Бу туһунан «Кэнчээри» уһуйаан сэбиэдиссэйэ Венера Ивановна Степанова санаатын үллэстэр.
— 2019 сыллаахха уһуйааммыт судаарыстыбаннай-чааһынай партнерство бырагырааматынан тутуллубута. «Эрэгийиэн сайдыыта» ХЭТ Ньурбатааҕы тэрилтэтин салайааччы Альберт Васильев бастакы үбүн уган, тутан дьэндэтэн таһаарбыта. 50 миэстэлээх, толору хааччыллыылаах, типовой бырайыактаах таас дьиэ тутуллуоҕуттан, үлэлиир усулуобуйабыт лаппа тупсубута, үчүгэй өттүгэр элбэх уларыйыы тахсыбыта. Сырдык, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ саҥа миэбэл, анал тэрил кэлэн, оҕо сайдар эйгэтэ олохтоммута.
Оскуолабыт урукку «Күндээдэ» сопхуос эргэ дьиэтигэр баара. 2 этээстээх, эргэ мас дьиэ, кып-кыараҕас көрүдүөрдэрдээх, кылаастардаах этэ. 2023 сыллаахха туспа спортивнай, аактабай саалалардаах, саҥа таас оскуола тутуллан, оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар үөрүүлэрэ улахан. Саҥа оскуолаҕа оҕолор ситиһиилэрэ да үксээтэ. Олохтоох эдэр учууталлар үлэлииллэр. Учууталлар династияларын бэрэстэбиитэлэ, физкултуура учуутала Эллэй Ахмедович Дмитрьев Бүлүү бөлөх улуустарыгар ыытыллыбыт «Эр дьон учууталлар пуорумнарыгар» кыттан, анал номинацияҕа тиксэн, былырыыҥҥы кыайыылаах бирииһин ылан кэлбитэ.
Онтон быраастаах амбулатория дьиэтэ «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыагынан тутуллан, Күндээдэ олохтоохторо эмиэ үөрүүбүт үрдээтэ. Аны эргэ кулууппут бу бырайыакка киирсэн, тутуллан хаалара буоллар, олох үчүгэй буолуо этэ.
Тыа сиригэр да, куораттарга да национальнай бырайыактар үлэлииллэрэ хайҕаллаах суол. Ордук тыа сиригэр бырайыактар үлэлииллэрэ ирдэнэр — ол аата тыа сирэ аныгы олох хаамыытыттан хаалбакка, сайдан иһэрэ улахан суолталаах. Төһөнөн элбэх социальнай эбийиэк тутуллар, суол-иис оҥоһуллар, интэриниэт киирэр — соччонон ыччат дьон, эдэр ыал олохсуйар, оҕо төрүүр, ол аата нэһилиэк кэхтибэт кэскиллэнэр. Эдэр исписэлиистэр кэлэн үлэлииллэр, олохсуйаллар.
Куораттыы усулуобуйалаах, сырдык, киэҥ, саҥа уһуйааҥҥа сылдьыбыт, толору хааччыллыылаах оскуолаҕа үөрэммит оҕо өйө-санаата эмиэ сырдык, киэҥ буолар — мин төрөөбүт дойдубар сайдыы барар, үөрэхтэнэн баран, эргиллэн кэлиэм диэн өйдөбүл үөскүүр. Бу — тыа сирин сайдар суола.
Владимир Путины 2026 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Жатай бөһүөлэгэр «Кэлэр кэм туочуката» үөрэх кластерын…
“Саха “НКИК суруналыыһа Олег Колесов Норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар дойду норуоттарын өйүүр миэрэлэр тустарынан ыйытыытыгар хоруйдууругар…
Бүгүн, ахсынньы 19 күнүгэр, Татыйаас Филиппова «Дойду» диэн ааттаах фотопоэзиятын персональнай быыстапка, «Үргэл» арт-галереяҕа аһылынна.…
Түмэл иитэр-үөрэтэр үлэҕэ музейнай педагогика диэн улахан суолталаах эйгэ буолар. Бу, оҕо экспонат көмөтүнэн устуоруйаны…
Саха сиригэр уот тарыыба социальнай тэрилтэлэргэ эмискэ улааппытын, онон саахал тахсар куттала баарын туһунан Саха…
Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин пресс-кэмпириэнсийэтин – быһа эпиирин…