Күндэйэҕэ хотон тутуллар
Тыа хаһаайыстыбатыгар хайдах сайын ааспытын көрөр-истэр сыаллаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев, управление салайааччыта Владимир Анисимов уонна туһааннаах исписэлиистэр Күндэйэ, Элгээйи хайысхатынан үлэлээтилэр.
Күндэйэҕэ «Сырдык Аартык» кэпэрэтиип бэйэтин күүһүнэн аныгы оҥоһуулаах, тупсаҕай көстүүлээх хотону тута сылдьар. Көрөргүт курдук олус хаачыстыбалаах, тимир каркас турбут. Хотону Дьокуускайтан «Арт-металл» тэрилтэ тутар. Тутуу хаамыыта түргэн. Бу күннэргэ түмүктүөхпүт дииллэр.
Маны тэҥэ, бурдук үүнүүтүн, хаачыстыбатын көрдүлэр. Ньэккэй сайылыгар сайыҥҥы үлэни билистилэр.
Маассабай төрүөх тохсунньуттан саҕаланан күн бүгүҥҥэ диэри салҕана турар. Онон сылы эргиччи үрүҥ илгэни өлгөмнүк ылаллар. Хаһаайыстыба 580 ынахтаах диэн Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: