Күндү хаартыскам

Share

Оҕом Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнин Михаил Николаевы кытта түспүт хаартыскатын уонна хаһыаты альбоммар уура сылдьабын.

2005 сыл. Дьокуускай. Үс Хатыҥ. Кыайыы 60 сыллаах өрөгөйдөөх ыһыаҕа. Ити ыһыахха Михаил Ефимович Николаев бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан сылдьыбыта.

Кыыһым Ньурбина Сивцева диэн. Кэлин ийэтин араспаанньатынан Янкова буолбута. Икки убайдаах. Биир убайа баҕа өттүнэн байыаннай дьайыыга барбыта. Ньурбина араас элбэх дьоҕурдаах талааннаах. Туойунан араас кыыллары, көтөрдөрү үкчү оҥорор. Дьиэтигэр иитэр, көрөр-истэр кыылларыгар эмиэ истиҥ сыһыаннаах.
Хаартыскаҕа эргилиннэххэ, Михаил Николаев аттыгар сылдьан хаартыскаҕа түсүһүү улахан чиэсЮ бочуот буолара. Ол курдук, Михаил Ефимович норуот дириҥ ытыктабылын, тапталын ылбыта.

Мин эрдэттэн былааннаах этим. Михаил Ефимович түһүлгэ ортотугар хайаан да киириэхтээх диэн. Ол иһин, эрдэттэн иһирдьэ киирэн кыыспынаан олорбуппут. Кэтэһэн, долгуйан бөҕөбүт. Аҕыйах сөкүүндэҕэ хаартыскаҕа түһэн ылаары. Арай, элбэх ахсааннаах дьон ортотугар сылдьара көһүннэ. Долгуйа бэлэмнэниэхпит икки ардыгар бу тиийэн кэллилэр. Хаартыскаҕа түһэрээччилэр, киинэ, тэлэбиисэр оператордара, охранатын дьоно. Биир тылынан, киһи баһаам. Мин кыыспын сиэппитинэн ол дьону барыларын тоҕо солоон бардым. Ортолоругар сылдьар Михаил Ефимовичка иннигэр чуо тиийэн турунан кэбистим да кыыспын ытык киһи диэки астым. Үйэлэргэ сүппэт уонна умнуллубат биирдэ буолар түгэни мүччү тутар санаа суох! Кыл түгэнигэр хамсаныы буолла. Кырдьыга, Михаил Ефимовичка чугаһыы сатааччы да, ол быыһыгар миигин тута сатааччы да элбэх этэ. Онуоха Михаил Ефимович барахсан биһиги соруммуппутун тута өйдөөн көрдөр. Тохтоото уонна кыыспын, куттанан, симиттэн хаалан кумуччу туттан турар оҕочоону ыҥыран ылла, иннигэр туруорда уонна уоскутан туох эрэ диэтэ быһыылаах, кыыһым сирэйэ-хараҕа тута сырдыы түстэ. Мин бэрт тиэтэлинэн «Кодак» аппарааппар түһэрэ оҕустум уонна наһаа үөрдүм, дьоллоннум, киэн тутуннум! Онон түүннэри утуйбака санаабыт ыра санаам туолла, хаартыска табылынна.

Онтон 5 сылынан Улуу Кыайыы 65 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕа буоларыгар,  ити хаартыскабын «Орто дойду» хаһыакка бэчээттэтэн турардаахпын. Бу сүрэхпэр олус чугастык тутар, күндүтүк саныыр хаартыскам 18 сыл устата дьиэбэр альбомҥа угуллан сылдьар. Санаатаҕым ахсын ыалдьытарга, дьоммор-сэргэбэр долгуйа кэпсиир, көрдөрөр хаартыскам буолар.

Кыыһым туойтан оҥоһуктара. Хаартыскаларга Иван Сивцев-Бээди түһэриилэрэ

Иван Сивцев — Бээди

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

12 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

1 час ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

2 часа ago