Салгыы
Күндү ийэбит сырдык санаата биһиэхэ тирэх буолар

Күндү ийэбит сырдык санаата биһиэхэ тирэх буолар

Ааптар:
17.04.2024, 17:38
Бөлөххө киир:

Таптыыр ийэбит, эбээм Уус Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтин олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сэрии кэмин оҕото, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Хоро уонна Мүрү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо КУРИЛКИНА МАРФА ВАСИЛЬЕВНА муус устар 17 күнүгэр күн сириттэн букатыннаахтык барбыта биир сылын туолар. 

Күндү киһибит быйыл саас кулун тутар 19 күнүгэр 85 сааһын томточчу туолуохтааҕа. Ийэбит баара буоллар, аймах-билэ дьонун, бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьүөгэлэрин кытары үбүлүөйүн бэлиэтиэх эбитэ. Ол эрээри бу түгэҥҥэ кыранан тиийбэтэ…

Күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүт, хайдах курдук долгуйбутун уонна үөрбүтүн «Сэрии оҕото» диэн мэтээли уонна дастабырыанньаны туттарбыттарыгар. Кини үс саастааҕар аҕата Василий Николаевич Курилкин Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Смоленскай уобалас Азарово дэриэбинэтигэр сырдык тыына быстыбыта. Аҕата фронтан ыыппыт буорах сыттаах үс муннук суруктарын — төрөппүт иһирэх тапталын кыыһыгар тиэрдэр бастыҥ өйдөбүлүн хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьыбыта. Мусяны киһи-хара буоларыгар ийэтэ Марфа Дмитриевна, эбээтэ Анна Лазаревна, эһээтэ Дмитрий Иванович Ховровтар иитэн-такайан улаатыннарбыттара. Ийэтэ Марфа Дмитриевна олус сэмэй, саҥата суох үлэлээн түбүгүрэ сылдьар ис киирбэх, кэрэ киһи этэ. Кыыһа дьоллоох, үөрэхтээх, ийэ буоларыгар, эдэр ыал олоҕо түстэнэригэр, кыра эрдэхтэринэ сиэннэр улаатыыларыгар төһүү күүс буолбута. Кини 60 сааһыгар бу олохтон барбыта.

Ийэбит сэрии кэмин оҕото, тулаайаҕа буолан, күн сырдыгар тардыһыыта күүстээх этэ. Уон сыллааҕыта инсуллаан, ыарахан ыарыыны кытта сорунуулаахтык охсуспута уонна бэриммэтэҕэ. Олоххо иккистээн эргиллибитэ, дьон тэҥэ, биһигини араҥаччылыы сылдьыбыта. Аҕабыт ийэбитин уһуннук олороругар бүк эрэнэн барбыта. Ол эрээри киниттэн түөрт эрэ сыл уһаабыта. Аан дойдуну аймаабыт хамсык ыарыыта ийэбитин өссө да уһун үйэлэниэҕин доруобуйатын кэбирэппит буолуон сөп. Ити да ыарыыны кини хорсуннук аһарыммыта.

Кини бу орто дойдуттан эмискэ барыан иннинэ биир баҕата туолбута. Хас да сыл долгуйа-манаһа кэтэспит дьоһун-мааны түгэнин баттаһан, бу дойдуттан аттанарыгар, этэргэ дылы, санаата кытта чэпчээбит буолуохтаах. Уһуннук үлэлээбит, олоҕун 26 сылын анаабыт Мүрү 2 №-дээх орто оскуолатын баараҕай тутуутун аһыллыытыгар бар дьон ортотугар саамай ытык саастаах ыалдьыт быһыытынан сылдьыбыта. Ол онно тапталлаах кыһатын киэҥ уораҕайын сөҕө-махтайа көрбүтэ, ыраахтан-чугастан түмсүбүт, сорохторун өр сылларга көрбөтөх коллегаларын, үөрэнээччилэрин кытта ирэ-хоро кэпсэтэн, олуһун да астыммыта, санаата көнньүөрбүтэ. Бу дьоллоох түгэннэри билигин арай тиһэх хаартыскалара санатан туоһулууллар. Ол ахтылҕанын таһаарыыта, эдэр-сэнэх кэмнэрин эргитиитэ бүтэһигин буоларын ким сэрэйиэ, билиэ баарай?! Ити кэнниттэн кини уһаабатаҕа, үтүө сылларын оҕону иитиигэ анаабыт учуутал олоҕун суола Педагог сылыгар түмүктэммитэ.

Үөрэнээччилэрин ситиһиилэриттэн оҕолуу үөрэрэ. Мүрү, Лөгөй, Курбуһах орто, Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолалаларыгар бастакы кылааска сирдээн, билии киэҥ аартыгар үктэннэрбит кырачааннарыттан бэйэтин курдук учууталлар, наука доктордара, учуонайдар, медиктэр, виртуоз-хомусчукка, норуот маастарыгар тиийэ айар-суруйар эйгэҕэ биллэр-көстөр дьон үүнэн тахсыбыттара.

Тойон Мүрү туонатыгар Саха сирин спортивнай оонньуулара ыытыллыбытын, Бороҕоммут киэркэйбитин олус сэргээбитэ. Оонньуулар ситиһиилээхтик ааспыттарын кэнниттэн чиҥэтэн, күрэхтэһии буолбут миэстэлэрин, албан ааттаах биир дойдулаахтарбыт аллеяларын кэрийэн көрбүтэ. Майаҕаска, кини төрөөбүт-үөскээбит алаастарыгар Куотукаҕа, Лампаайыга сирдиир аартыкка киэҥ эбэни үөһэттэн көрөр былаһаакка баар буолбутуттан астыммыта. Бороҕоҥҥо музей саҥа дьиэтигэр улуус спордун ситиһиитин кэпсиир экспонаттар ортолоругар оччотооҕу Дьокуускайга1958 сыллаахха ыытыллыбыт Саха сирин норуоттарын II спартакиадатыгар Уус Алдан хамаандатын кэккэтигэр ийэбит түспүт хаартыската баар. Кини ити сайын Мүрү орто оскуолатын бүтэрбитэ, оройуон чиэһин волейболга көмүскээбитэ. Ити 1958 сыллааҕы спартакиадаҕа биһиги аҕабыт эмиэ оройуонтан кыттан турар. Ол иннинэ кини пединститут чемпионун быһыытынан үөрэммит кыһатын чиэһин I спартакиадаҕа 1956 сыллаахха эмиэ көмүскээн турар. Төрөппүттэрбит эдэрдэригэр спортсмен буоланнар, ытык саастарыгар диэри спорду өрө туппуттара, телевизорынан спортивнай күрэхтэһиилэри көтүппэккэ көрөллөрө. Ийэбит спортсменнар ааттарын билэрэ, ордук «Матч» каналынан биатлону сэҥээрэрэ. Эдэр сылдьан бэлисэпиэтинэн сылдьарын сөбүлүүрэ, Курбуһахха үлэлиирин саҕана Чурапчы дэриэбинэлэригэр бэлисэпиэтинэн маҕаһыын көрө баран кэлэрэ.

Оскуола кэннэ комсомольскай путевканан холкуоска үлэлии сырыттаҕына, Подмосковьеҕа Загорскай куоракка кус үөрэҕэр ыыппыттара. Хрущев политиката диэн көтөр фермаларын тэрийэ сылдьыбыттара, Майаҕаска кус иитэ сылдьыбыттара. Ол эрээри кукуруза курдук бу кус иитиитэ биһиги усулуобуйабытыгар сөп түбэспэтэҕэ. Холкуоска үлэлээбитэ, онтон кулуупка сэбиэдиссэйдээбитэ, Майаҕас, Чараҥ ыччатын комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ этэ. Бырааһынньыктарга, сыбаайбаларга хормуоскаҕа оонньуура. Уопсастыбаннай үлэҕэ эдэриттэн көхтөөҕө. Учуутал идэтин ылан баран, Курбуһахха үлэлииригэр оскуола учууталларын комсомольскай тэрилтэтин салайбыта. Мүрү аҕыс кылаастаах оскуолатыгар өр кэмҥэ профком бэрэссэдээтэлинэн, партийнай тэрилтэ сэкирэтээринэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ити сылларга оскуола социалистическай куоталаһыыга үс төгүл кыайыылаҕынан тахсыбыта. Эдэр учууталларга настаабынньык быһыытынан сөптөөх сүбэлэри биэрэн, бэйэтин баай уопутуттан үллэстэрэ. Ийэбит салайааччы быһыытынан салгыы сайдар-үүнэр кыахтааҕа, ол эрээри ыал ийэтин быһыытынан биир дьиэттэн икки салайааччы баар буолуута судургута суох буоларын өйдүүрэ уонна аҕабыт эппиэттээх үлэтэ тахсыылаах буоларыгар болҕомтотун, сыратын уурбута.

Ийэбит Марфа Васильевна аҕабыт Иван Николаевич Даниловы кытары 53 сыл дьоллоохтук олорбуттара, иккиэн олохторун үөрэх эйгэтигэр анаабыттара, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэрэ. Аймахтарыгар өрүү көмөлөһөллөрө, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ үөрэхтэнэллэригэр, атахтарыгар турууларыгар сүбэ-соргу буолаллара. Оҕуруот, сибэкки олордоллорун, айылҕаҕа сылдьалларын сөбүлүүллэрэ, биир сыл Бороҕоҥҥо «Бастыҥ үүнүүлээх тиэргэн» аатын сүгэн, сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ.

Биһиги ийэбит көстөр дьүһүннүүн, кэрэ сэбэрэтин курдук ис киирбэх дууһалааҕа, бэйэтин туһунан кэпсэнэ сылдьыбат холку майгылааҕа, лоп-бааччы тыллааҕа, хаһаайка быһыытынан ыраас туттунуулааҕа, остуола хотойор астааҕа. Дьону кытта улгумнук биир тылы булара, үөрүнньэҥэ, ол да курдук киниэхэ хардараллара, кинини сөбүлүүллэрэ.

Күн күбэй ийэбит ис-иһиттэн сырдаан көстөр кэрэ мөссүөнүн, сайаҕас, элэккэй майгытын, тапталынан угуттуур иһирэх куолаһын, имэрийэр илиитин сылааһын олуһун суохтуубут-ахтабыт. Күн сирин көрдөрбүт төрөппүттэрбит биһиги туспутугар анаабыт дьоһун олохторо бастыҥ үтүө холобур, сырдык ыра санаалара бигэ тирэх буола туруоҕа!

Оҕолорун ааттарыттан Саргылана Данилова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: