Күндү таас бастыҥа – өҥнөөх алмаас
“Алмаас” диэтэххэ дьон үксэ эҥкилэ суох дьэҥкир тааһы саныыр. Кырдьык, алмаас айылҕаттан анаммыт дьүһүнэ суох. Ол эрэн, кыра булкаас эбилиннэҕинэ, кристалл дьикти өҥү ылыан сөп. Саха сиригэр дэҥ кэриэтэ сайыҥҥы ынах арыытын курдук хойуу саһархай, дөлүһүөн сибэккитин курдук тэтэркэй алмаастар көстөөччүлэр. Маннык эриэккэс таастар дьэҥкир ханыыларыттан хас да төгүл күндү сыаналаах буолаллар.
Майаат бириискэтин тэтэркэй алмааһа
Икки сыллааҕыта “Анаабыр алмаастара” хампаанньа “Майаат” диэн ааттаах бириискэтигэр командировкаҕа тиийэ сылдьыбыттаахпын. Онно баахта бөһүөлэгин киин хонтуоратын эркинигэр тэтэркэй өҥнөөх кристалл хаартыската улахан былакаакка ыйанан турарын бэлиэтии көрбүтүм. Бириискэ дириэктэрин солбуйааччы Сахайаан Потаповы кытта кэпсэтэ олорон ити таас туһунан сураспыппар “Тыый, ити биһиги хампаанньабытыгар кэнники сылларга көстүбүт таастартан саамай күндүлэрэ дии!” диэн кэпсээбитэ. 2017 сыллаахха ити диэки, “Эбэлээх” бириискэтигэр көстүбүт алмаастан “Призрак розы” диэн ааттаммыт тэтэркэй бриллиант чочуллан тахсыбыт. Сахайаан Владимирович бу тааһы ытыһыгар тутан көрбүтүн туһунан кэпсээбитэ. “Чочулла да илигинэ, олус кэрэ, нарын таас этэ”, диэн санаа үллэстибитэ.
Дьэ, төһө ыйааһыннаах эбитий, ити “саамай күндү” таас? Чочулла илигинэ ити алмаас ыйааһына 27,85 караат этэ. Тэҥнээн эттэххэ, Саха сиригэр көстүбүт саамай бөдөҥ алмаас — “ССКП XXVI сийиэһэ” ыйааһына 342,57 караат этэ!
Бриллиант буолан “Призрак розы” аат ыларыгар таас ыйааһына икки төгүл кэриэтэ кыччаабыта – 14,83 караат. Ол эрэн, аатырбыт “Сотбис” аукционыгар Саха сиригэр көстүбүт, чочуллубут бриллиант 26 мөлүйүөн долларга атыыламмыта.
Ити курдук, тэтэркэй алмаастар саамай күндү сыаналаахтар. 1999 сыл Соҕуруу Африкаҕа көстүбүт 132 караат ыйааһыннаах тэтэркэй алмаастан “Розовая звезда” диэн ааттаах 59,6 караат ыйааһыннаах бриллианы 71,2 мөлүйүөн долларга атыылаабыттара. Бу муҥутуур сыананы күн бүгүҥҥэ диэри ханнык даҕаны алмаас сыаната ситэ илик.
Өҥ быһаарар
“Алмаас 1 караата төһө сыаналааҕый?” диэн ыйытыыга чопчу биир хоруйу ким да биэриэ суоҕа. Алмаас сыаната ыйааһына, ырааһа уонна дьүһүнэ дьүөрэлэһиититтэн тахсар. Улахан алмаас олус сэдэх, онон төһөнөн таас улахан да, оччонон караатын сыаната үрдээн иһэр. Ол эрэн, өлбөөркөй өҥнөөх буоллаҕына сыаната улаханнык түһэр. Төттөрүтүн, эҥкилэ суох дьэҥкир таас, нарын өҥнөөх таастааҕар лаппа кыра сыанаҕа барар. Киһи хараҕын үөрдэр өҥнөөх таастары “фантазийнай” диэн ааттыыллар. Биир караатка диэри ыйааһыннаах алмаастар сыаналарын тэҥнээн көрдөххө, дьэҥкир алмаас 1 караата $4-9 тыһ. кэриҥэ сыаналаныан сөп. Оттон саһархай өҥнөөх фантазийнай алмаас 1 караатын сыаната $7–14 тыһ. сыаналанар. Тэтэркэй уонна халлаан күөҕэ өҥнөөх алмаастар
1 карааттара $100–500 тыһ. кэриҥэ сыаналаналлар! Көрөргүт курдук, өҥ элбэҕи быһаарар.
Дьүһүнэ GH, ырааһа SI1 алмаас 0,01 до 0,09 караакка диэри сыаната 1 караата 660 долларга тэҥнэһэр. Эмиэ ити категорияҕа киирэр таас ыйааһына 0,10 до 0,19 караат буоллаҕына, 1 караат сыаната 780 долларга тиийэр. 0,20 караат ыйааһын кэнниттэн сыана 875 долларга тиийэ үрдүүр. 0,25 караат – 1035 доллар, 0,33 караат – 1650 доллар. Оттон
1 караат ыйааһыннаах таас биир караата 4400 доллар буолар.
Ыйааһын билэр
Ханнык баҕарар ювелирнай таас төһөнөн бөдөҥ да, оччонон сыаната улаатар. Ол эрэн, манна сыана уларыйыыта судургу маллар атыыларын курдук буолбат. Бу эйгэҕэ туһаныллар уустук төгүллээһини геммологтар өр сыллар устата үөрэнэн өйдүүллэр. Аны таас сыаната сыл аайы халбаҥныыр, онон былырыыҥҥы таас быйылгытааҕар атын сыаналаах буолар. Саатар чугаһынан өйдүүр туһугар алмаас биир категориятын сыанатын үөрэтэн көрүөҕүҥ.
Дьүһүнэ GH, ырааһа SI1 алмаас 0,01 до 0,09 караакка диэри сыаната 1 караата 660 долларга тэҥнэһэр. Эмиэ ити категорияҕа киирэр таас ыйааһына 0,10 до 0,19 караат буоллаҕына, 1 караат сыаната 780 долларга тиийэр. 0,20 караат ыйааһын кэнниттэн сыана 875 долларга тиийэ үрдүүр. 0,25 караат – 1035 доллар, 0,33 караат – 1650 доллар. Оттон
1 караат ыйааһыннаах таас биир караата 4400 доллар буолар.
Көстөрүн курдук, ыйааһын эбиллиитэ олус улахан оруоллаах.
Саха сирин фантазийнай алмаастара
“Майаат” бириискэҕэ көстүбүт “Призрак розы” эриэккэс алмаас, сыл аайы көстүбэт дьоллоох түгэн. Ол эрэн, фантазийнай алмаастар Саха сиригэр син элбэхтэ көстөллөр. Үксүн саһархай алмаас көстөр. 2018 сыллаахха АЛРОСА хампаанньа True Colors диэн ааттаах аукциону Гонконг куоракка тэрийбитэ. Онно биир тэрээһиҥҥэ 250 өҥнөөх алмааһы атыыга туруоран аан дойдуга улахан тыаһы таһаарбыта. 15,11 карааттаах, “fancy vivid orangy yellow” (хойуу саһархай өҥ), VVS2 категорияҕа киирэр уһулуччу ыраас таас аукциоҥҥа кырыктаах киирсии кэнниттэн $9 мөлүйүөн сыанаҕа атыыламмыта. Кэлэр 2019 сылга True Colors иккис аукционугар 200 кэриҥэ фантазийнай бриллианнар атыыга тахсыбыттара. 18,07 караат ыйааһыннаах груша быһыыта чочуллуулаах хойуу саһархай таас, 6,78 карааттаах саһархай таас эмиэ атыылаһааччылар киирсиилэрин көбүппүттэрэ.
Түмүккэ
Биллэн турар, биир кыра ыстатыйаҕа күндү өҥнөөх таастар туһунан толору өйдөбүлү биэрэр кыах суох. Биири өйдүөҕүҥ – Саха сирин хостонор баайа муҥура суох киэҥ хайысхалаах. Бу алмаас эрэ туһунан буолбатах, ааспыт нэдиэлэҕэ биһиги хаһыаппытыгар кэпсэммит сэдэх металлар, араас өссө да чинчиллэ сылдьар минераллар кэлэр кэми эрэллээхтик көрсөр хаһааспыт. Үөһээ кэпсэммит True Colors аукционнар түмүктэрэ өссө биир киэн туттуу төрүөтүн биэрэллэр – Саха сирэ алмаастары хостуур эрэ буолбатах, биир дойдулаахтарбыт аан дойду таһымнаах алмааһы чочуйар кыахтаммыттар. Дьэрэкээн өҥнөөх күндү таастарынан эрэ буолбакка, дьоҕурдаах маастардарбытынан аан дойдуга биллэ туруохпут диэн эрэл бигэ.
Хаартыскалар АЛРОСА, HTTP://SPIRITOFROSE.ALROSA.RU
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: