Күндүйээнэ «Талба талаан» кубогын тутта
«Чэйиҥ, чэйдиэҕиҥ» литературнай түмсүү хоһоонньута, талааннаах тойуксут, алгысчыт, хоһоонньут, учуутал Ида Дмитриевна Рожина-Күндүйээнэ «Саһарҕалаах ыллыгым» диэн саҥа тахсыбыт кинигэтин биһирэмэ буолан ааста.
Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылларынан, үлэҕэ-үөрэххэ уһуйан, идэлээх үлэһит буоларга дьоллообут учууталларга анаан, киирэр аантан ыалдьыттар сэлэлии туран учуутал идэлээхтэри кытары «Школьная тропинка» муусука доҕуһуолугар сыанаҕа тахсан турдулар.
Күндүйээнэ оскуола чуораанын тыаһатан, учууталлар идэлээх биридимиэттэрин учебнигын тутан, урукку оскуола ирдэбилигэр эппиэттиир көстүүмнээх, дьыалабыай көрүҥнээх бу күнү киэргэттилэр.
Биэчэри салайан ыытааччылар Любовь Каратаева, Зоя Кэкэрдэ барыларын эҕэрдэлээн, хоһоон ааҕан, махтал тылларын этэн, сыанаттан ааттарын, үөрэппит биридиэмэттэрин ааттаан астаах остуолларга ыҥырдылар.
«Кинигэ, тэтэрээт тутаҥҥын,
Киирэҕин кылааска күннэтэ,
Билиигин-көрүүгүн үллэстэн,
Сирдиигин оҕону үрдүккэ».
Дьоро киэһэни көҥүл этэн-тыынан, «Дьээ-буо» этнофольклор бөлөҕүн салайааччы, норуот үөрэҕириитин туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээллэр лауреаттара, норуот ырыатын-тойугун тарҕатааччы Любовь Афанасьевна Каратаева күргүөмнээхтик иилээн саҕалаан ыытта.
Күндүйээнэ сыанаҕа хаалан алгыстаах тойугун толордо, кэлбит дьоҥҥо махтанна. Кини — Саха Өрөспүүбүлэтин үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара, үлэтэ элбэх грамоталарынан, дипломнарынан, түөскэ кэтиллэр үбүлүөйдээх бэлиэлэринэн бэлиэтэммитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Учуутал үрдүк аатын баһылаан үөрэх аартыгар үгүс оҕону сайдар суолга сирдээбит киһиэхэ баҕа санаа бастыҥын анаатахпыт буоллун!
“Талба талаан” бырайыак ааптара Кэкэрдэ Зоя бу күн дьоруойа Күндүйээнэ талааннаах тойуксут, алгысчыт, хоһоонньут буоларын биллэрэн, бырайыак кубогын туттарда.
Зоя ДАНИЛОВА-КЭКЭРДЭ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: