«Кындыкаан» «100 хартыына» аахсыйата
“Кындыкаан” айар холбоһук “100 хартыына” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи киэҥ хабааннаах социальнай аахсыйаны ыытта. Аахсыйа сыалынан хоту дойду тиэмэтигэр ураты тыыннаах хартыыналары оҥорон, өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр (балыыһаларга, стационардарга) биэрии буолар.
Айна Куртц, “100 хартыына” аахсыйа уус-уран салайааччыта: “Аахсыйа ааспыт сыл кулун тутар ыйга саҕаламмыта. САССР 100 сылыгар, ону тэҥэ Доруобуйа уонна Ийэ сылларыгар анаммыта. Биһиги хартыыналарбыт балыыһалар истиэнэлэрин киэргэтиэхтэрин баҕарабыт.”
Антонина Щадрина, “100 хартыына аахсыйа худуоһунньуга: “Искусство дьону Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын култуураларын сыаналыырга ыҥырар. Кындыкаан маныаха ураты сыһыаны эрэйэр”.
Яна Локоцкова, “Туймаада” АУО Агрохолдинг биисинэс-бырайыак дириэктэрэ: “Хартыыналары анал кыраасканан туһанан уруһуйдуохтара, онтон быраастарга махталбытын биллэрэн, балыыһаларга бэриллиэҕэ”.
Дьулустаан Софронов, “Острог” хампаанньа салайар управляющайа: “Маннык бырайыактар элбииллэригэр баҕарабын”.
Сергей уонна Татьяна Афанасьевтар: “Биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ социальнай өттүнэн көхтөөх буолуохтаахпыт. Былырыын саас социальнай-экологическай аахсыйаҕа кыттыбыппыт”.
Түгэнинэн туһанан “Кындыкаан” атын да хайысхаларыгар көмөлөспүттэргэ махтанна:
“Водоканал” АУо-ҕа, СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтигэр, “Туймаада” агрохолдиҥҥа, “Дьокуускайдааҕы дьаарбаҥкаа” АУо-ҕа, “Алмаз” ювелирнай солуоҥҥа, “Өлүөнэ очуостара” айылҕа пааркатыгар, “Акварель” эргиэн дьиэтигэр, “Лавка художника” маҕаһыыҥҥа, “Бон Ами” французскай бэкээринэ ситимигэр, Аар Кудай коуч-тириэньэригэр Зарьяна Юмшановаҕа, Острог” таҥас маҕаһыынын хампаанньатыгар, “Витрина” реклама агентствотыгар, Томпо оройуонун дьаһалтатыгар, Анаабыр долган-эбэҥки национальнай улууһугар, “Дьокуускайдааҕы инновационнай технология кэллиэһигэр”, AINAKURTS таҥас брендигэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: