«Кындыкаан» «100 хартыына» аахсыйата

Share

“Кындыкаан” айар холбоһук “100 хартыына” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи киэҥ хабааннаах социальнай аахсыйаны ыытта. Аахсыйа сыалынан хоту дойду тиэмэтигэр ураты тыыннаах хартыыналары оҥорон, өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр (балыыһаларга, стационардарга) биэрии буолар.

Айна Куртц, “100 хартыына” аахсыйа уус-уран салайааччыта: “Аахсыйа ааспыт сыл кулун тутар ыйга саҕаламмыта. САССР 100 сылыгар, ону тэҥэ Доруобуйа уонна Ийэ сылларыгар анаммыта. Биһиги хартыыналарбыт балыыһалар истиэнэлэрин киэргэтиэхтэрин баҕарабыт.”

Антонина Щадрина, “100 хартыына аахсыйа худуоһунньуга: “Искусство дьону Хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын култуураларын сыаналыырга ыҥырар. Кындыкаан маныаха ураты сыһыаны эрэйэр”.

Яна Локоцкова, “Туймаада” АУО Агрохолдинг биисинэс-бырайыак дириэктэрэ: “Хартыыналары анал кыраасканан туһанан уруһуйдуохтара, онтон быраастарга махталбытын биллэрэн, балыыһаларга бэриллиэҕэ”.

Дьулустаан Софронов, “Острог” хампаанньа салайар управляющайа: “Маннык бырайыактар элбииллэригэр баҕарабын”.

Сергей уонна Татьяна Афанасьевтар: “Биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ социальнай өттүнэн көхтөөх буолуохтаахпыт. Былырыын саас социальнай-экологическай аахсыйаҕа кыттыбыппыт”.

Түгэнинэн туһанан “Кындыкаан” атын да хайысхаларыгар көмөлөспүттэргэ махтанна:

Водоканал” АУо-ҕа,   СӨ Тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтигэр, “Туймаада” агрохолдиҥҥа, “Дьокуускайдааҕы дьаарбаҥкаа” АУо-ҕа, “Алмаз” ювелирнай солуоҥҥа, “Өлүөнэ очуостара” айылҕа пааркатыгар, “Акварель” эргиэн дьиэтигэр, “Лавка художника” маҕаһыыҥҥа, “Бон Ами” французскай бэкээринэ ситимигэр, Аар Кудай коуч-тириэньэригэр Зарьяна Юмшановаҕа, Острог” таҥас маҕаһыынын хампаанньатыгар, “Витрина” реклама агентствотыгар, Томпо оройуонун дьаһалтатыгар, Анаабыр долган-эбэҥки национальнай улууһугар, “Дьокуускайдааҕы инновационнай технология кэллиэһигэр”,    AINAKURTS таҥас брендигэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

9 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

10 часов ago