Салгыы
«Күҥкү» пааркаҕа дьон астына сынньаныа

«Күҥкү» пааркаҕа дьон астына сынньаныа

Ааптар:
11.08.2023, 20:35
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү улууһугар оробуочай сырыытыгар, Андреевскай сэлиэнньэҕэ «Күҥкү» паарка тутуутун кэпсээтилэр.

Паарка уопсай иэнэ 5 гектарга тэҥнэһэр, тутууга 97 мөл. солк. көрүллүбүт.
«Дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга туһуланар. Тиэргэҥҥэ тупсаҕай эйгэни тэрийии нэһилиэнньэҕэ улахан сабыдыаллаах. «Күҥкү» нэһилиэнньэ үөрэ-көтө сынньанар сирэ буолуоҕа диэн эрэнэбин», — диир Айсен Николаев.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

«2021 сыллаахха Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторун көҕүлээһинэнэн, “База 14″ тэрилтэҕэ паарка бырайыага сакаастааммыта. Олохтоохтор баҕа санааларынан элбэх араас сынньанар сирдэр көрүлүннүлэр. 2022 сыл күһүнүгэр успуордунан дьарыктаналларыгар уонна оҕолор онньууллаврыгар бэртээхэй сирдэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга аспыппыт», – диэн нэһилиэк баһылыга Альберт Иванов кэпсиир. Паарка аата Үөдүгэй нэһилиэгин төрүттээччилэртэн биирдэстэрин аатын сүгэр.

Манна даҕатан эттэххэ, 2022 сыл балаҕан ыйыгар «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырагырааманан пааркаҕа 14 мөл. солк. суумалаах оҕо оонньуур сирэ тутуллубут.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3366921 ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Эльдар Садовников

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: