«Күҥкү» пааркаҕа дьон астына сынньаныа

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Үөһээ Бүлүү улууһугар оробуочай сырыытыгар, Андреевскай сэлиэнньэҕэ «Күҥкү» паарка тутуутун кэпсээтилэр.

Паарка уопсай иэнэ 5 гектарга тэҥнэһэр, тутууга 97 мөл. солк. көрүллүбүт.
«Дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга туһуланар. Тиэргэҥҥэ тупсаҕай эйгэни тэрийии нэһилиэнньэҕэ улахан сабыдыаллаах. «Күҥкү» нэһилиэнньэ үөрэ-көтө сынньанар сирэ буолуоҕа диэн эрэнэбин», — диир Айсен Николаев.

Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА

«2021 сыллаахха Үөдүгэй нэһилиэгин олохтоохторун көҕүлээһинэнэн, “База 14″ тэрилтэҕэ паарка бырайыага сакаастааммыта. Олохтоохтор баҕа санааларынан элбэх араас сынньанар сирдэр көрүлүннүлэр. 2022 сыл күһүнүгэр успуордунан дьарыктаналларыгар уонна оҕолор онньууллаврыгар бэртээхэй сирдэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга аспыппыт», – диэн нэһилиэк баһылыга Альберт Иванов кэпсиир. Паарка аата Үөдүгэй нэһилиэгин төрүттээччилэртэн биирдэстэрин аатын сүгэр.

Манна даҕатан эттэххэ, 2022 сыл балаҕан ыйыгар «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырагырааманан пааркаҕа 14 мөл. солк. суумалаах оҕо оонньуур сирэ тутуллубут.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3366921 ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата

Бэчээккэ бэлэмнээтэ Эльдар Садовников

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

ВИДЕО. «Спортмастертан» табаар уорбут дьахтар сууттаныа

ИДьМ 4 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар  «Спортмастер» успуорт маҕаһыынын  бэрэстэбиитэлэ 18 000 солк. кэриҥэ суумалаах…

21 минута ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Улахан Ньымныыр бөһүөлэгэ ититиитэ суох хаалбытынан буруйдаах эппиэтинэскэ тардыллыаҕа

Алдан оройуонун Улахан Ньымныыр бөһүөлэгэр суоппар самосвалынан саахалы таһаарбыт содулларын туоратыыны түмүктүүллэр. Хочуолунайы үлэҕэ киллэрии…

36 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Н.Н. Бурденко аатынан госпиталга эмтэнэр Саха сирин байыастарын көрүстэ

Ил Дархан Айсен Николаев ахсынньы 12 күнүгэр Москваҕа Н.Н.Бурденко аатынан Сүрүн байыаннай клиническэй госпиталга сырытта.…

51 минута ago
  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бээтинсэ, 13-һэ»: Туох суолталааҕый?

Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Покровскайга икки эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдилэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр  8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Ньурба улууһугар Саха сирин норуоттарын  IX Спортивнай оонньууларын көрсө саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара

Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…

2 часа ago