Салгыы
Күҥҥэ саамай үрдүк кылаастаах эстии буолла

Күҥҥэ саамай үрдүк кылаастаах эстии буолла

Ааптар:
01.11.2024, 17:45
Хаартыска: Прикладной геофизика үнүстүүтэ
Бөлөххө киир:

Бөлүүн учуонайдар саамай үрдүк Х кылаастаах Күҥҥэ эстиини бэлиэтээтилэр. Бу туһунан Прикладной геофизика үнүстүүтэ иһитиннэрдэ.

«Бөлүүн, сэтинньи 1 күнүгэр, рентген диапазонугар 3878 (N17E29) бээтинэ  27 мүнүүтэ устата буолбут саамай үрдүк Х кылаастаах Күҥҥэ эстии регистрацияланна», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. РАН космос чинчийитиин астрономия институтун уонна РАН Сибиирдээҕи салаатын Күн-Сир физикатын институтун лабораториятын исписэлиистэрэ чугастааҕы икки сууккаҕа Күҥҥэ саамай үрдүк кылаастаах эстиилэрэ бэлиэтээтилэр. Саайтка суруйбуттарынан, маннык иккис күүстээх буурҕа бу сыл алтынньы 11 күнүгэр бэлиэтэммитэ.

Маннык улахан Күҥҥэ эстиилэр Ийэ сиргэ күүстээх магнитнай буурҕалары аҕалыахтарын сөп. Күүстээх магнитнай буурҕа кэмигэр сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон дабылыанньалара түһүөн-тахсыан, доруобуйалара мөлтүөн сөп. Маны тэҥэ араадьыйа, сибээс, Сир аргыстарын үлэлэригэр харгыстар тахсыахтарын сөп.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
12
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
30 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: