Бөлүүн учуонайдар саамай үрдүк Х кылаастаах Күҥҥэ эстиини бэлиэтээтилэр. Бу туһунан Прикладной геофизика үнүстүүтэ иһитиннэрдэ.
«Бөлүүн, сэтинньи 1 күнүгэр, рентген диапазонугар 3878 (N17E29) бээтинэ 27 мүнүүтэ устата буолбут саамай үрдүк Х кылаастаах Күҥҥэ эстии регистрацияланна», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. РАН космос чинчийитиин астрономия институтун уонна РАН Сибиирдээҕи салаатын Күн-Сир физикатын институтун лабораториятын исписэлиистэрэ чугастааҕы икки сууккаҕа Күҥҥэ саамай үрдүк кылаастаах эстиилэрэ бэлиэтээтилэр. Саайтка суруйбуттарынан, маннык иккис күүстээх буурҕа бу сыл алтынньы 11 күнүгэр бэлиэтэммитэ.
Маннык улахан Күҥҥэ эстиилэр Ийэ сиргэ күүстээх магнитнай буурҕалары аҕалыахтарын сөп. Күүстээх магнитнай буурҕа кэмигэр сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон дабылыанньалара түһүөн-тахсыан, доруобуйалара мөлтүөн сөп. Маны тэҥэ араадьыйа, сибээс, Сир аргыстарын үлэлэригэр харгыстар тахсыахтарын сөп.
Хомус күнүн көрсө саха хомуһун чинчийээччи, үөрэҕин тарҕатааччы, СӨ култууратын туйгуна Антонина Никитина уонна кини…
Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа, киин улуустарга хаар түһүөҕэ диэн УГМС иһитиннэрэр. Түүн салгын…
Ил Дархан Айсен Николаев Киргизия Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Садыр Нургожоевич Жапаровы кытта көрүстэ. Көрсүһүү кэмигэр инникитин…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Бишкек куоракка Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр РФ боломуочуйалаах посолун Сергей Вакуновы кытта…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха төрүт үнүстүрүмүөнүн кыл кылыһаҕы – кыл устурууналаах кырыымпаны сөргүтүү, оҥоруу уонна оонньооһун…
Сааскылыы ичигэс күннэр туран, туманынан бүрүммүт кыһыммытын умнуох да курдук буоллубут. Норуот синоптига Тускул "Тэтим"…