Салгыы
Күҥҥэ улахан эстиилэр буоллулар

Күҥҥэ улахан эстиилэр буоллулар

04.10.2024, 11:53
Хаартыска: Күн астрономиятын лабораторията.
Бөлөххө киир:

РНА Күн-Сир физикатын институтун Күн астрономиятын лабораториятын дааннайдарынан, алтынньы 3 күнүгэр, Күҥҥэ 2017 сылтан буола илик улахан эстии тахсыбыт. Бу эстиигэ X9.1. баалы туруордулар. Сиргэ күүстээх магнитнай буурҕа буолуо дуо?

Хаартыска: Күн астрономиятын лабораторията.

Учуонайдар кэтээн көрбүттэринэн, эстии Күн диискэтин ортотугар буолбут, ол эбэтэр, ортотунааҕы эстиилэр Сиргэ тиийэн кэлэллэр эбит. Бу иннинэ, алтынньы 2 күнүгэр,  X7.1 бааллаах эмиэ улахан эстии буолбута. Бу эстиилэр плазмалара Сиргэ тиийдэҕинэ, 3-4 суукканы быһа күүстээх магнитнай буурҕалар буолуохтара диэн сабаҕалыыллар. Оттон Сиргэ тиийбэккэ, халты бардаҕына, буурҕа буолумуон эмиэ сөп.

Плазма былыта 900 км/сөк айанныыр, ол эбэтэр, Сиртэн Күҥҥэ диэри 150 мөлүйүөн килэмиэтир ыраах буоллаҕына, 46 чааһынан айаннаан кэлиэн сөп. Плазма былытын ыйааһынын 1 триллион киилэ диэн учуонайдар сабаҕалаатылар.

Бүгүҥҥү туругунан, Сир диэки плазма улахан маассата кэлэ илик. Күн астрономиятын лабораторията чаас аайы дааннайдары таһаарар. Онно көстөрүнэн, бүгүн сарсыарда магнитнай хамсааһын нуорма иһинэн.

Ол эрээри, институт учуонайдара этэллэринэн, бээтинсэҕэ киэһэлик уонна субуотаҕа-өрөбүлгэ плазма былыта Сиргэ кэлиэн сөп.

Быйыл күүстээх магнитнай буурҕалар ыам ыйыгар буолбуттара. Ол эрээри онно Күҥҥэ эстии бу билиҥҥитээҕэр арыый мөлтөх этэ — X 8.7  баалы туруорбуттара.

+1
3
+1
2
+1
0
+1
0
+1
11
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: