Күннээҕи гороскоп

Share

Бүгүн, кулун тутар 8 күнүгэр, киһиэхэ ураты күүс-сэниэ, өрө көтөҕүллүү киирэр долгутуулаах, үөрүүлээх күнэ диэн бэлиэтииллэр. Бу барыгытыгар ананар. Дьэ эрэ, бу күн туох күүтэр эбитий?

Хой.

Бүгүн истиҥ көрсүһүү, ис сүрэхтэн кэпсэтии, үөрүү арыаллыыр. Уратыны оҥорор санаа, толкуй киириэ. Онуоха ол барыта табыллыа, сатаныа. Саҥа билсиһии сэргэхситиэ. Тулаҕар буолары уустугурдубакка, судургутук көр, ылын.

Оҕус.

Бүгүн хаһааҥҥытааҕар да холкутуйуоҥ. Барыта санааҥ хоту салаллан үөрдүө. Чугас дьоҥҥор болҕомтоҥ, кыһамньыҥ сыаналаныа. Былааҥҥын кэпсээмэ, мэһэйдэр үөскүөхтэрин сөп. Үөрэ-көтө сырыт, оччоҕуна ылсыбытыҥ, оҥорбутуҥ табыллан иһиэ.

Игирэлэр.

Соһуччу үөрүү тосхойуо. Саҥа билсиһии күүтэр. Кэпсэтии да табыллыа. Саҥаны, сонуну бу күн элбэҕи билиэҥ. Ол кэлэр өртүгэр туһалаах буолуо. Үлэҕэр, тус да олоххор. Дьиэҕэ үлэни барыларыгар үллэр. Оччоҕуна бириэмэлэниэҥ, холкутуйуоҥ. Сибиэһэй салгыҥҥа сырыт.

Араак.

Бүгүн ис туруккар болҕомтоҕун уур. Тус бэйэҥ тугу баҕараҕын, туох толкуйдааххын сыта-тура ырытан, сыымайдаан көр. Ол гынан баран, чугас дьонуҥ туһунан умнума. Саҥаны саҕалыырга ылса сатаабатыҥ ордук. Чугас дьоҥҥо эҕэрдэҥ санааларын бөҕөргөтүө, көтөҕүө.

Хахай.

Бу күн ылсыбытыҥ ыпсан, туппутуҥ тупсан иһиэ. Маныаха бэйэҥ сатабылгар, дьоҕургар эрэн. Көрбөтөҕүҥ ырааппыт киһигиттэн сонун, иһитиннэрии тутуоххун сөп. Киэһээ ыалдьыттары күүт. Онон бу күн аралдьыйбакка, күүлэйдии барбакка ас-үөл астаабытыҥ, чугас дьоҥҥор үөрүүнү бэлэхтээбитиҥ ордук буолуо.

Кыыс.

Бүгүн чугас дьоҥҥор уонна тус бэйэҕэр болҕомтоҕун уур. Ыра санааҕын толорорго дьулус. Сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыыҥ туһалаах буолуо. Санааҕын искэр тутума. Чугас дьонуҥ сүбэлэрэ көмөлөһүө. Дьиэ кэргэнинэн сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыҥ, айылҕаҕа күүлэйдээҥ.

Ыйааһын.

Соһуччу көрсүһүүлэр күүтэллэр. Төһө да истиҥ көрсүһүүлэр буолбуттарын иһин, чугас дьоҥҥун умнума. Кинилэр бүгүн эн болҕомтоҕор хаһааҥҥытааҕар да наадыйаллар. Кинилэр махтанар тыллара алгыс кэриэтэ буолуоҕа. Үтүөнү оҥорууҥ үтүөнэн эргиллиэ.

Скорпион. Ыраахтан ыалдьыттар кэлиэхтэрэ. Онон түбүгүрэ түһэргэ бэлэмнэн. Билиигин-көрүүгүн хаҥатаргар үчүгэй күн үүммүт. Тылгар-өскөр болҕотоҕун уур. Бу күн үчүгэйи бэлиэтээ, үөрүүнү-көтүүнү үксэтис. Чугас дьоҥҥор бэлэхтэ оҥор.

Охчут.

Ситиһиилээх күн үүммүт. Бүгүн үлэлээбитиҥ, сорудаҕы толорбутуҥ бэлиэтэниэ. Саҥа билсиһиилэртэн аккаастаныма. Кэлэр өртүгэр бэйэҕэр көмөлөөх буолуоҕа.  Үлэҕэр да, тус бэйэҕэр да туһалыа. Онтон махтаныаҥ эрэ. Оҕолоргор болҕомтоҕун уур. Кинилэр санааларын иһит.

Чубуку.

Бүгүн таах олорума, тэлэбиисэр инигэр олорон күҥҥүн-дьылгын бараама. Билиигин-көрүүгүн хаҥатын, үлэҕин былааннаа, сыал-сорук туруорун. Бириэмэҕин туһалаахтык, көдьүүстьээхтик атаарарга кыһалын. Чугас дьонуҥ эн болҕомтоҕор наадыйалларын умнума. Дьон-сэргэ сүбэтин өйдөөн иһит.

Күрүлгэн.

Бүгүн болҕомтоҕун кэпсэтиигэ уур. Урукку былааннаргын бэрийэн, ырытан көр. Сааһылаа, бэлиэтэн. Туруоруммут сыалгын-соруккун толорорго дьулус. Саҥа, сонун санаа киирдэҕинэ, ылыс. Дьон-сэргэ сүбэтэ-амата көмөлөөх буолуохтара. Истиҥник саныыр дьонуҥ өйөбүллэриттэн күүс-уох эбиллиэ.

Балыктар.

Санааҕын сааһылыырга, билиигин-көрүүгүн хаҥатарга туһалаах, үчүгэй күн үүммүт. Тулаҕын өйдөөн көр. Доҕотторгун үчүгэйдик өйдүөҥ, билиэҥ. Доруобуйаҕар болҕомтоҕун уур. Сибиэһэй салгыҥҥа сырыт, туругуҥ тупсуо, ураты санаа киириэ. Үөрэ-көтө сырыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Нерюнгри оройуонугар суол саахалыгар суоппар эчэйбит

Ахсынньы 14 күнүгэр сарсыарда 11 чаас саҕана Амур уобалаһын өттүттэн Нерюнгри диэки хайысханан айааннаан испит…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

2 часа ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

16 часов ago