Күннээҕи олох-дьаһах тула ыйытыылар. Бэтэрээннэргэ төлүүр харчыларын тоҕо биэрбэтилэр?
Ааҕааччыларбыт күннээҕи олох-дьаһах тула кэпсэтэллэрин, араас долгуйар ыйытыыларын биэрэллэрин сөбүлүүллэр. Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн диибит. Аны кыстыкка киириигэ бэлэмнэнэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун сэргиир ыйытыыларыгар кыалларынан хоруйдуурга кыһанабыт.
Тоҕо манныгый?
– Мин үлэ бэтэрээнэбин, онуоха “Экосети” тэрилтэҕэ иэстээххин диэн дьиэ-уот өҥөтүн (ЖКУ) иһин бэтэрээннэргэ төлүүр харчыларын бу ааспыт икки ый устата биэрбэтилэр. Тоҕо манныгый? Ким таһаарбыт дьаһалай?
С. Устинова, үлэ бэтэрээнэ.
Ыйытыыга хоруйдаата СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин Социальнай бэлиитикэ департаменын сүрүн исписэлииһин э.т. Айтал Степанов:
– 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Дьиэ-уот кодексын 160 №-дээх ыстатыйатын 3 чааһыгар олоҕуран, үлэ бэтэрээннэрэ ОДьКХ ороскуотун толуйтараллар. Бу федеральнай сокуон ыстатыйата ити толуйууну (компенсация) дьаһайар. Холобура, толуйууну ылааччы ханнык эрэ ресурсанан хааччыйар тэрилтэҕэ, суут аагынан бигэргэммит иэстээх буоллаҕына, ол ылыахтаах толуйуу харчыта төлөммөт. Биһиги “Экосети” уонна да атын ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэргэ ыйытык ыытабыт. Суут таһаарбыт быһаарыытын “ГИС ОДьКХ” (“Государственная информационная система ЖКХ”) ылабыт. Туһааннаах тэрилтэлэртэн бу үлэ бэтэрээнэ иэстээх диэн кэллэҕинэ, тохтотобут. Ол кэнниттэн үлэ бэтэрээнэ иэһин төлөөн баран, социальнай көмүскэл управлениетыгар иэһим төлөннө диэн биллэрдэҕинэ, социальнайдар саҥаттан “ГИС ОДьКХ” ыйытык ыыталлар, онно иэһэ суоҕа бигэргэннэҕинэ, салгыы төлөбүрү ылан барар.
Хаартыска: 9111.ru
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: