Күннэй куукулалары айар-тутар…

Share

Инньэ устудьуоннуу сылдьыахпыттан «Күннэй» диэн таксины элбэхтэ истэрим. Бу такси өҥөтүнэн бэйэм курдук ыччаттар куораттан кэлэ-бара төһөлөөх туһаммыппыт буолуой?!

Ол саҕана сэлэспэ нөҥүө кини куолаһын эрэ истэр буоллахпына, билигин илэ эн-мин дэһэбин. 2017 сыллаахха Каролина Парфенова Сунтаарга кэлэн, элбэх кэрэ аҥарга куукуланы оҥорууга уһуйбута. Онтон бэттэх бу урамньынан дьарыктанар биллэ элбээтэ. Ол иһигэр Тиихэн кыыһа Күннэй Петрова. Бастакы куукулата «Девушка на базаре» онтон Кыыл Уолун «Оһуор» ансаамбылыгар сылдьыбыт ийэлээх аҕатын куукула гынан үйэтитэн билигин уонча куукулалаах.

Кини маны таһынан уруһуйдьут, олус кичэллээх иистэнньэҥ, бу барыта ийэтиттэн аҕатыттан утумнанан олунньу 27 күнүгэр «Удьуор утума» диэн быыстапканы арыйда.

Тэрээһиҥҥэ ыраахтан-чугастан олус элбэх киһи тоҕуоруһа түмсэн Күннэй айар эйгэтин, уран оҥоһуктарын көрөн сэргээтилэр. Бу дьоро күн киниэхэ «Сунтаар улууһун норуотун маастара» үрдүк ааты иҥэрэн үөрүүтүн үрдэттилэр. Күннэй истиҥ эҕэрдэ! Быыстапка ый кэриҥэ туруоҕа, кэлэн көрүҥ!

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА

What’s your Reaction?
+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

40 минут ago
  • Куонкурус
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Юрий Трутнев Москваҕа кэллиэгийэҕэ кытынна

Москваҕа Муора кэллиэгийэтин Арктикаҕа РФ национальнай интэриэстэрин көмүскүүр Сэбиэтин бастакы мунньаҕа буолан ааста. Арктикаҕа РФ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

Атахпыт анныгар харалла сытар түҥ былыргы олохтон

Ирбэт тоҥ дойдуга олорорбут биир үчүгэйэ, атахпыт анныгар түҥ былыргы олох харалла сытар. Таба тайаннахха,…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөйүҥ-чөрөйүҥ, олоҥхо истэр кэм кэллэ

“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Абхазияҕа туох буолла?

Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…

3 часа ago
  • Итэҕэл
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 23 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…

4 часа ago