Сэтинньи 22-24 күннэригэр Москва куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрин 65 сыллаах үбүлүөйдээх сүлүөттэрэ буолан ааста. Манна Саха сириттэн Таатта Туора Күөлүттэн төрүттээх ХИФУ педагогическай институтун 2-c кууруһун устудьуона Күннэй Кузьмина айар бэстибээлгэ кыттан Гран-при буолла.
Бу туһунан Күннэй Кузьмина санаатын үллэһиннэ:
-Айар бэстибээлгэ уопсайа 28 киһи кытынна. Мин ыллыы тахсарбар 200-тэн тахса киһи көрөн олороруттан бастаан догуйбутум аҕай. Сахалыы сиэринэн Үрдүк Айыылартан көрдөһөн баран сыанаҕа тахсыбытым. Хайдах эрэ испэр миэстэлэһиэм дии санаабатаҕым. Кыыллар саҥаларын үтүктэрбэр барытыгар бэйэм үөрэммит буолан бэлэмнэнэрбэр уустуктардаах этэ, ол эрээри дьаныардаах дьарык ситиһиигэ тиэртэ диэн наһаа үөрдүм. Түгэнинэн туһанан, биир дойдулаахтарбар, чугас дьоммор-сэргэбэр махталбын тиэрдэбин.
Бу күннэргэ “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” кыһыҥҥы туризм бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар “Саха сирин амтана” тэрээһиҥҥэ,…
Байыаннай дьайыыга сылдьар биһиги байыастарбыт өйөбүлгэ, көмөҕө улаханнык наадыйаллар. Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын…
Нам Хатырыгар олорор Сэмэн Попов биһиги олохпут укулаатыгар балачча киирэн эрэр дьарыгынан – мүөттүүр ыҥырыаны…
Ыраах хоту дойду олохтоохторо кэрэни кэрэхсииллэр. Бэҕэһээ Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр “Оҕо искусствотын оскуолатын” художественнай…
«Движение первых» Бүтүн Арассыыйатааҕы хамсааһын "Баҕа санаа харыйата" диэн аһымал аахсыйаны биллэрэр. Аахсыйаны Ыччат федеральнай…
Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, сарсыарда 11:19 ч. баһаарынай-быыһыыр сулууспаҕа Ленскэйтэн Мииринэйдиир суолга самосвал умайбытын туһунан…