Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр хас да улууска хаар күүскэ түһүөҕүн уонна тибиилээх буолуоҕун сэрэттилэр
17.10.2024, 18:57
Хаартыска: Анастасия Филиппова, СИА.
Бөлөххө киир:
Алтынньы 18 күнүгэр Алдан, Нерюнгри, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Аллараа Халыма удуустарыгар хаардыа, сорох сиринэн хойуутук түһүө, хаардаах силлиэ буолуо уонна күүһүрэригэр сөкүүндэҕэ 15-18 м. тиийэр тыал түһүө диэн билгэлииллэр. Бу туһунан Саха сиринээҕи гидрометеорологияны, тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление иһитиннэрэр.
Саха сирин баһыйар үгүс өттүгэр кыратык хаардыа. Киин улуустарга түүнүн -10…-15 кыраадыска тиийиэ, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр, Халымаҕа — -5…-10 кыраадыс буолуо. Хоту түүнүн -20…-25 диэри тымныйыа, намыһах сирдэринэн -30…-35 кыраадыска тиийэ тоҥоруо.
Дьокуускайга түүнүн кыратык хаардыа. Күнүһүн сөҥүүтэ суох, түүнүн салгын температурата -7…-9, күнүһүн -4…-6 кыраадыс буолуоҕа.
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
2
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: