Кыра БПЛА-лары ойуур баһаардарын кэтээн көрүүгэ туһаныы элбээтэ

Share

Кэнники сылларга кыра БПЛА-лары ойуур баһаардарын кэтээн көрүүгэ үгүстүк, күн аайы кэриэтэ тутталлар буоллулар, диэн СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Дроннары салгынан кэтээн көрүүгэ, ойуур баһаарын балаһыанньатын быһаарарга уонна айылҕа уларыйыытын бэрэбиэркэлииргэ туһаналлар.

Ааспыт сылга «Пилота суох авиация систиэмэлэрэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн ойуур харыстабылын үлэтигэр пилота суох көтөр аппарааттары Томпо, Бүлүү уонна Үөһээ Бүлүү улуустарыгар туһаныллыбыта.

2024 сыл баһаар сезона саҕаламмытыгар бэс ыйын 14 күнүттэн атырдьах ыйын 3 күнүгэр диэри икки сөмөлүөт тииптээх экипаж уопсайа 130 чаас көппүтэ бэлиэтэммитэ. Ол түмүгэр 126 уустук суоллаах-иистээх сиргэ баһаар турбута биллибитэ.

Итини тэҥэ, киһи мээнэ тиийбэт уустук суоллаах-иистээх сиригэр 94 хонтуруоллуур үлэ ыытыллыбыта, ол иһигэр 42 хонтуруоллуур, кэтээн көрөр үлэ БПЛА-лары туһанан ыытыллыбыта.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Дьокуускайга гарааска баһаар кэнниттэн киһи өлүгүн буллулар

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ барыта сэттэ буруйу оҥоруу туһунан иһитиннэрии киирэн, борокуратуура хонтуруолугар сылдьар.    Ленскэй…

13 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Олоҥхо тыйаатырыгар олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө баар буолуоҕа

    Хас да сыллааҕыта Олоҥхо тыйаатырын төрүттээччи А.С. Борисов артыыстары аттестациялааһын кэнниттэн: “Хас биирдии артыыс,…

47 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээтэ

Саха сиригэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 14,8 бырыһыанынан үрдээбит. Ити…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сэргэх тэрээһин суоттулары түмтэ

Суоттуга "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр (сал. Гоголева Е.Н.) "Старые песни о главном" тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик, олус…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Балыыһаларга 331 көлө ылыллыбыт

"Доруобуйа харыстабыла" национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн, Саха сирин балыыһаларыгар анаан уопсайа 331 көлө ылыллыбыт. Ол…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 15 күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа тугу иһитиннэрдэ? Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу улуустарыгар,…

3 часа ago