Кыра бырыһыаннаах ипотеканы биэрэллэр
РФ Бырабыыталыстыбата чэпчэки сыаналаах дьиэнэн-уотунан дьону хааччыйыыга ситимнээхтик үлэлиир. Ол курдук, ханнык өйөбүллэр баалларын туһунан от ыйын 24 күнүгэр вице-премьер Михаил Мишустин Владивостокка ыытыллыбыт «Развитие малых городов и исторических поселений» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы пуорум пленарнай сиэссийэтигэр иһитиннэрдэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Уһук Илиҥҥи уокурукка үгүстэр кыбартыыраны «Уһук Илиҥҥи ипотека» чэрчитинэн ылаллар. Бу бырагыраамма үлэлиэҕиттэн уопсайа 73 тыһыынча дьиэ кэргэн туһаммыт. Соторутааҕыта бырагыраамма кэҥээн биэрбитэ. Ол курдук 3% ипотека сууммата 6 мөлүйүөҥҥэ дылы үрдээбитэ.
«Биллэн турар, тыа сиригэр уонна кыра куораттарга үгүс эрэгийиэҥҥэ чааһынай дьиэни тутталлар. Онон чааһынай дьиэ тутуутун сайыннарыыга эмиэ болҕомто уурабыт. Бу ипотека бырагырааммаларынан дьиэни атыылаһыахха эбэтэр туттуохха сөп. Бу сыл алта ыйын иһигэр уопсайа 120 тыһыынча маннык кирэдьииттэр бэриллибиттэр, харчытыгар таһаардахха — 450 миллиард солк. курдук», — диэн бэлиэтиир Михаил Мишустин.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сиригэр билигин Россельхозбаан тыа сирин ипотекатыгар 3 мөлүйүөнтэн саҕалаан 6 мөлүйүөҥҥэ диэри чааһынай дьиэни туттууга, кыбартыыра атыылаһыыга биэрэ олорор. Ол курдук 3% кирэдьиити тыа сиригэр олохсуйуон ба5алаахтар туһаныахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: