Кыра өрүстэргэ уу таһыма түһэн эрэр

Share

Саха сирин түөрт улууһугар — Горнайга, Намҥа, Үөһээ Бүлүүгэ уонна Мэҥэ Хаҥаласка ыаллар тиэргэннэрин уу ылла. Горнай улууһугар уу таһыма түһэр, оттон Мэҥэ Хаҥалас Хочото хонтуруолга тутуллар.

Ол туһунан бүгүн, ыам ыйын 10 күнүгэр, СӨ нэһилиэнньэ олоҕор куттал суох буолуутун хааччыйар кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Иннокентий Андросов брифиҥҥэ кэпсээтэ.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ сааскы халаан бастакы кэрдииһэ ааһан эрэр. Горнай, Нам, Үөһээ Бүлүү уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар 130 дьиэ тиэргэнин кыратык уу ылла. Горнай улууһун Өрт, Маҥарас уонна Бэс Күөлүн сэлиэнньэлэригэр уу таһыма түһэн эрэр. Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас Хочотугар уу таһыма үрдээтэ. Үрэхтэр хааларыттан тахсаннар, 16 олорор дьиэ тиэргэнин уу ылла», — диэн Иннокентий Андросов эттэ.

Салгыы кини бу күнннэргэ Ленскэй, Алдан, Амма уонна Чурапчы оройуоннарыгар муус барара күүтүллэрин эттэ.

«Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин Кылаабынай салалтатын суһал бөлөҕө миэстэтигэр үлэлии көттө. Сааскы халааҥҥа толору бэлэмнээхпит», — диэтэ Иннокентий Михайлович.

Өлүөнэ өрүс мууһа, сабаҕалаһын быһыытынан, Витим бөһүөлэгэр 1,5-2 хонугунан кэлиэхтээх. Аммаҕа өрүс мууһа күүскэ барар, аллара кирбиитэ Мээндигигэ бэлиэтэнэр. Чурапчы улууһун Мындаҕаайытыгар кыра хамсааһыннар бэлиэтэнэллэр. Таатта улууһун Харбалааҕар хамсааһын эмиэ тахсан эрэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Саһарбыт страницалар: 80 сыл анараа өттүгэр

80 сыл анараа өттүгэр, ыам ыйын 9, 10 күннэригэр, “Кыым” хаһыакка тугу суруйбуттарай? Бу суруйуулары…

32 минуты ago
  • Култуура
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар

ВИДЕО: “Кэнникинэн оҕолор эрэпэтииссийэ хаһан буолар?” — диэн бэйэлэринэн ыйыталлар

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Өлүөнэ кытылын үрдүгэр, Дьоруойдар аллеяларыгар сэрии кэминээҕи таҥастаах эдэркээн кыргыттар, уолаттар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

1995 сыллаахха ийэлээх аҕатын мэтириэтин тутан параакка хаампыт учуутал

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылынан “Өлбөт үйэлээх полк”…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха уола Москваҕа Кыайыы параадыгар кыттар

Москваҕа буолар Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйдээх  параадыгар саха уола кыттарын туһунан үтүө сураҕы бүгүн…

3 часа ago
  • Сүрүн

ХААРТЫСКА: Дьокуускайга «Кыайыыны аҕалбыт буойуннар» монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр, Дьокуускайга Кыайыы болуоссатыгар "Кыайыыны аҕалбыт буойуннар" монумеҥҥа сибэкки дьөрбөтүн ууруу…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарыгар 150-тан тахса киһи үлэлиир

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруорууга 154 исписэлиис үлэлиир диэн суһал ыстаап иһитиннэрэр. Суукка иһигэр барыта…

3 часа ago