“Кыра саастаах ийэ – аныгы кэм кыһалҕата” тиэмэҕэ “төгүрүк остуолу” ыыттылар
Ийэ сылын иитинэн Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ итиэннэ өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа-мэдиссиинэ-социальнай өттүнэн арыаллааһын киинэ «Маленькая мама — проблемы современности» диэн тиэмэҕэ “төгүрүк остуолу” тэрийэн ыыттылар.
“Төгүрүк остуолга” Доруобуйа харыстабылын, Ис дьыала министиэристибэлэрин, Силиэстийэ кэмитиэтин управлениетын, “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай тэрилтэ уонна эрдэттэн сэрэтии үлэтин ыытар атын уорган бэрэстэбиитэллэрэ тиэмэлэринэн дакылааттары оҥордулар. Тэрээһиҥҥэ ордук сытыы уонна эрдэттэн сэрэтии үлэтин ыытыыга суолталаах боппуруостары итиэннэ эрдэ хат буолууну сэрэтии, эрдэҕэс оҕо хат буолуутун уйулҕа өттүнэн көрүү, ону быһаарар суоллары дьүүллэстилэр.
Үөрэх уонна билим министиэристибэтин уопсай үөрэххэ, иитиигэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ судаарыстыбаннай бэлиитикэ департаменын салайааччытын солбуйааччы Надежда Захарова этэринэн, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар оҕоҕо быһаарар, эрдэттэн сэрэтэр бэсиэдэлэр, лиэксийэлэр уонна тэрээһиннэр ыытыллаллар, онон өйдөөн туран дьиэ кэргэнин тэринэр дьоһуннаах, сайаҕас киһини иитэллэр.
СӨ Оҕо быраабыгар боломуочунайа Туйаара Васильева: “Билиҥҥи кэмҥэ эрдэҕэс оҕолор чугас сыһыаннара (интимные отношения) эрдэттэн саҕаланар, ол түмүгэр, оҕону түһэртэрииттэн сылтаан кэлин оҕото суох буолуу уонна сайдыыларыгар кэһиллиилээх оҕолор төрөөһүннэрин ахсаанын бырыһыана үрдүүрэ бэлиэтэнэр. Манан сибээстээн, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “Арассыыйатааҕы духуобунай, майгы-сигили сыаннастарын олохсутууга уонна бөҕөргөтүүгэ судаарыстыбанай бэлиитикэ төрүтэ” бигэргэтиитэ аныгы уонна ирдэнэр быһаарыынан буолар”, — диэн этэр.
Эдэр көлүөнэ ортотугар эрдэ хат буолуу боппуруоһун ырытыһыыга Силиэстийэлиир кэмитиэт салайааччытын сүбэһитэ Надежда Дворецкая санаатын иһитиннэрдэ: “Өскөтүн маннык түгэн үөскээтэҕинэ оҕолорбут, бастатан туран, дьиэ кэргэн өйөбүлүн ылыахтаах. Иккис түгэнэ – оскуолаҕа “Дьиэ кэргэн олоҕун этиката уонна психологията” биридимиэти киллэрэр ирдэнэр, ол эбэтэр, оҕолорго иһитиннэриини тиэрдии”.
2014 сылтан эдэр ийэлэргэ уйулҕа өттүнэн көмөнү Доруобуйа харыстабылын уонна репродукция киинэ оҥорор. Киин баазатыгар клиническэй психологтар, дьахтарга сүбэ, барыллаан диагностааһын салаата, хат буолуу уонна оҕону эмтэрии кэмигэр эмтэн сэрэнии кэбиниэтэ, анал салаа (дьахтар ууһуур уорганын кэһиллиитин, оҕо уонна эрдэҕэс оҕо гинекологтарын кэбиниэттэрэ) үлэлииллэр. Уустук балаһыанньаҕа түбэспит хат дьахталлары арыаллыыр мэдиссинэ-социальнай киинэ эбэтэр “кириисис киинэ бааллар”.
“Төгүрүк остуол” кыттыылаахтара эрдэттэн сэрэтии үлэтин ыытар уорганнар, уопсастыбаннай тэрилтэлэр эдэр ийэлэр доруобуйаларын көрүү уонна ирдэнэр көмөнү оҥорууга күүстэрин бииргэ түмэллэрэ суолталааҕын бэлиэтээтилэр. Бу сыалга күүһү түмэр уонна номнуо баар кыаҕы, уопуту холбуур, ону тэҥэ, саҥа көдьүүстээх быһаарыылары оҥорор ирдэнэрин этэллэр.
“Төгүрүк остуол” түмүгүнэн резолюция ылыныахтара, онно эрдэттэн үлэни ыытыыга уонна эрдэ хат буолууну сэрэтии, эдэр ийэлэргэ сигили уонна уустук балаһыанньаҕа түбэспиттэргэ үп-харчы өттүнэн көмөнү оҥоруу бары этиилэрин киллэриэхтэрэ. “Төгүрүк остуол” үлэтигэр тэйиччиттэн сүүсчэкэ төрөппүт, педагог кытынна.
Үөрэх уонна билим министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: