Салгыы
Кыра оҕолоох ийэлэр үлэҕэ туох көмүскэллээхтэрий?

Кыра оҕолоох ийэлэр үлэҕэ туох көмүскэллээхтэрий?

26.01.2024, 14:40
Бөлөххө киир:

3-гэр диэри саастаах оҕолоох ийэлэр үлэ чааһыгар сокуонунан туох көмүскэллээхтэрий?

  • Оҕо 3 сааһын туолуор диэри дьиэҕэ көрөн олорорго уоппуска бэриллэр. Ийэ үлэлиир буоллаҕына, оҕо аҕата, эбэтэр, эбэтэ-эһэтэ, чугас аймаҕа маннык уоппусканы эмиэ ылыахтарын сөп.
  • Ийэ дэкириэттэн эрдэ тахсан, үлэлээн бардаҕына, ый аайы бэриллэр босуобуйаны син биир ылаллар (балтараа сааһыгар диэри).
  • Ийэ үлэлиир буоллаҕына, оҕону аһатарга үлэ кэмигэр тохтобуллар көҥүллэнэллэр (оҕо балтараа сааһыгар диэри). Бу тохтобуллар үлэ чааһын курдук ааҕыллаллар уонна орто хамнас кээмэйинэн төлөнөллөр.
  • Үлэ чааһын таһынан уонна өрөбүллэргэ, бырааһынньыктарга  үлэлэтиигэ, командировкаларга ыытыыга хааччахтар бааллар. Ийэ мантан аккаастанар бырааптааҕын билэн туран, суругунан сөбүлэҥин биэрбит эрэ буоллаҕына, үлэни биэрээччи маннык түгэҥҥэ үлэлэтэр кыахтаах.
  • Үлэни биэрээччи бэйэтин баҕатынан ууратар бырааба суох —— 3-гэр диэри саастаах оҕолоох дьахтары үлэтиттэн ууратар бырааптара суох. Тэрилтэ ыһыллар, ИП үлэтин тохтотор эрэ түгэнигэр, ууратыахтарын сөп. Эбэтэр, дьахтар үлэҕэ эбээһинэстэрин куруубайдык кэһэр буоллаҕына.

Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
3 мая
  • 5°C
  • Ощущается: 3°Влажность: 56% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: