Кыра оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олоруу босуобуйа кээмэйэ 97 тыһ. солк. тэҥнэһиэ
2027 сылга кыра оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олоруу босуобуйа кээмэйэ 97 тыһ. солк. тиийиэн сөп. Оттон 2025 сылга босуобуйа кээмэйэ 69 тыһ. солк. диэри улаатыа, диэн РФ Үлэҕэ уонна социальнай көмүскэлгэ миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрдэ.
«Кыра оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олоруу босуобуйа төлөбүрүн кээмэйин улаатыннарыы салҕанар. 2025 сылга ортотунан төлөбүр муҥутуур кээмэйэ — 69 тыһ. солк., 2026 сылга — 83 тыһ. солк., 2027 сылга ити суума 97 тыһ. солк. кэриҥэ буолуо», — диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа хамыыһыйатын мунньаҕар Антон Котяков кэпсээтэ.
Социальнай пуонда бүддьүөтүн 2025-2027 сыллардааҕы бырайыагынан, 140 хонуктаах оҕо күүтэн олорор босуобуйа кээмэйэ 2025 сылга 794 тыһ. солк. тахса буолуо.
Билигин 2024 сылга оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрөн олоруу босуобуйа кээмэйэ 49 тыһ. солк. тахса.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: