Салгыы
Аска-үөлгэ сыһыаннаах сиэр-туом

Аска-үөлгэ сыһыаннаах сиэр-туом

Ааптар:
12.11.2024, 17:03
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Аска-үөлгэ сыһыаннаах сиэри-туому төһө билэҕитий? Хаһан эмэ истибиккит дуо? 

  • Аһы үрэр аньыы. Ас амтана алдьанар.
  • Уоран-көҥөнөн аһыыр аньыы. Уоран аһааччы ас амтанын билбэт, төһө да бэйэлээххэ топпот буолар.
  • Аһыы олорон этиһэр аньыы.
  • Аһаан баран тыыллаҥныыр аньыы. Абааһы махтанар.
  • Алдьаммыт иһиккэ аһыыр куһаҕан. Кэхтии буолар.
  • Оҕо ыһан аһыыр буоллаҕына, кини ымыылаах оҕо, элбэх атастаах-доҕордоох буолар.
  • Эти, сонун аһы сииргэ оҕо боссонуллар. Оҕо дьону үтүктэн эмиэ күндүлүүр.
  • Муҥхаҕа, улахан булка тигистэххэ, чугастааҕы ыалга ирээттииллэр. Ыалларынан түҥэтиллибит собону таһар улахан чиэс оҕо аймахха тиксэр. Кэһии туппут ыал махталын истэн оҕо үөрэр.

Саха ыалын халандаарыттан, 2015 с.

«Айар» кинигэ кыһата.

+1
10
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: