«Кыра сулус кыра тойонун» оҕолорбут өрө көтөҕүллэн оонньоотулар
Аан дойду биһирэбилин ылбыт Антуан де Сент-Экзюпери «Маленький принц» айымньытынан олус үчүгэйдик табыллан туруоруллубут «Кыра сулус кыра тойоно» сахалыы испэктээк кыра да, улахан да дьоҥҥо Саҥа дьыл иннинээҕи настарыанньаны, сэргэхсийиини аҕалла.
СӨ норуодунай суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах тылбааһынан, Ольга Янцен инсценировкатынан туруоруллубут испэктээк быйыл Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар уонна өрөспүүбүлүкэ култуураларын тэрилтэлэригэр Оҕо тыйаатырын ускуустубатын сылыгар анаан сүрэхтэннэ. Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин саалата улахан аҥаара оҕолорунан туолла. Улахан дьон, төрөппүттэр да элбэхтэр. Кинилэр бары саҥа испэктээги көрөн оҕо буолан, остуоруйа алыптаах эйгэтигэр киирэн ыллылар.
“Маленький принц” айымньыны ханнык баҕарар омук таптаан ааҕар уонна бэйэтин менталитетыгар чугаһатар. Оттон “Кыра сулус кыра тойоно” диэн саҥа туруорууга саха култуурата, Олоҥхо тыла, сахалыы тойук, чабырҕах элэмиэннэрэ бааллар. Баҕар, ол да иһин буолуо, оҕолор бэйэлэрин оҕо саастарын оонньуур курдук чэпчэкитик, холкутук оонньоотулар. Айымньыга суох дьоруой – аныгы олохтон ылыллыбыт кыыс испэктээккэ киллэриллибитэ “Кыра тойон” этэр санаата билигин да суолталааҕын кэрэһилиир. Бу тэтимнээх олохпутугар кыысчаан өйдөөбөтө элбэх, доҕордоһууну уонна тапталы ыраланар кыыһы атыттар эмиэ соччо ылымматтар. Хата киниэхэ кумааҕы сөмөлүөт көтөн кэлэр уонна сүрүн дьоруойу Кыра тойону кытары араас дойдуларга тиийэр уонна үйэлээх ыйытыыларга хоруйдары көрдүүр. Дьиҥэр, ол барыта наһаа судургу эбит.
Оруоллары Олоҥхо тыйаатырын иһинэн үлэлиир экспериментальнай устуудьуйа иитиллээччилэрэ, Хаҥалас улууһун Өктөм орто оскуолатын уонна Дьокуускай куорат 5-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ толордулар. Кыра Тойону Дьокуускай куорат 19 №-дээх оскуолатын үөрэнээччитэ Эрхан Степанов олус дьоһуннаахтык оонньоото (бу кыра оҕо дуо диэх айылаах). Онон элбэх оҕону кытыннарбыт холбоһуктаах үлэ сыанаҕа тахсыбыта – олус улахан ситиһии. Оҕолорбут барахсаттары киһи эрэ көрөн үөрэр: бу талааннарын, бу сахалыы саҥалара ырааһын, чопчутун, тутталлара-хапталлара имигэһин. Режиссердар Елена Оленова уонна Наталья Слепцова ураты истиили толкуйдаабыттар, сыана киэргэтиитэ оҕолуу сылаас эйгэнэн илгийэр. Сценография барыта оҕо хараҕыныы чаҕылхай, сырдык, күлүмүрдэс. Бэл, кумааҕы кытта нарыннык хамсанар, элбэҕи таайтара кэпсиир. Муусуканан, тыаһынан-ууһунан оҕолор бэйэлэрэ доҕуһуоллаан (хор) туруорууну өссө киэргэттилэр.
«Кыра сулус кыра тойонун» көрөн баран, хас биирдиибит оҕо саас тэбэнэттээх күннэрин уонна тулалыыр эйгэни саҥа үөрэтэ-чинчийэ сылдьыбыт алыптаах кэмнэрбитин санаан-ахтан ыллаҕа буолуо. Испэктээк оҕо, эдэр көрөөччүлэр кылгас да кэмҥэ аан дойдуну кыра тойон хараҕынан көрөллөрүгэр, көлүөнэлэр кыһалҕаларын өйдүү сатыылларыгар, олох дьиҥнээх сыаннастарын билэллэригэр көмөлөстөҕө диэн эрэллээх хаалаҕын.
х х х
Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, «Кыра сулус кыра тойоно» режиссера Лена Оленова:
-Саха тыла оҕолорго тиийдин, бэйэлэрэ саҥарарга, туойарга үөрэнниннэр диэн, “Кыра сулус кыра тойоно” диэн испэктээги туруорарга санаммыппыт. Испэктээк киһини олоҕу сыаналыырга үөрэтэр, истиҥ санаа, аһаҕас сүрэх хайдах буолар эбитий диэн толкуйдатар.
Оруолларга оонньообут оҕолор бу айымньыны олус сөбүлүүллэр. Кырачаан оҕоҕо аһара чугас. Тоҕо диэтэххэ, оҕо бэйэтин туһунан остуоруйаны кэпсиир. Испэктээги туруорарбытыгар сүрүн сыалбыт-сорукпут — ханнык баҕарар киһи аахпатах да буоллар, биһиги испэктээкпитин көрөн долгуйуохтаах диэн этэ.
Саха норуодунай суруйааччыта, остуоруйаны сахалыы тылбаастаабыт Елена Слепцова-Куорсуннаах:
— Күндү Олоҥхо тыйаатырын айар кэлэктиибин, кырачаан артыыстарбытын Саҥа Дьыл үүнэрин көрсө үчүгэйкээн, сырдык испэктээги бэлэхтээбиккитигэр махтанан туран эҕэрдэлиибин! Антуан де Сент-Экзюпери аан дойдуга аатырбыт улуу айымньыта «Маленький принц» («Кыра Тыгын») бу киэһээ тымныы кыһыннаах Саха сирин бары көрөөччүлэрин аан дойду ааҕар, көрөр эйгэтин кытары сахалыы тылынан алтыста. Кырачаан артыыстар чаҕылыспыт харахтара, өрө көтөҕүллэн оонньообуттара хас биирдиибит сүрэҕэр эрэли, үөрүүнү, олоххо тардыһыыны сахта. Маладьыастар! Оҕо соҕотох буолуо суохтааҕын, кини инникигэ сырдыгы, кэрэни көрүүтэ уостуо суохтааҕын сааланы тобус-толору кэлэн көрбүт дьон өйдөөтүлэр, итэҕэйдилэр дии санаатым. Кытаатыҥ, эдэр кэлэктиип улахан, маассабай испэктээктэри кыайа тутууһу диэн күүскэ биһирээтим. «Дьиннээҕи, сүрүнү харах көрбөт, сүрэх эрэ таайар» диэн ааптар этиитигэр кыттыһабын, биһиги оҕолорбут чахчы талааннаахтар, онон киэн туттабыт! Бу кэлэр сылга өссө үрдүк ситиһиилэр кэллиннэр! Дьоллоох-соргулаах буолуҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: