Кыра суудуналарга бигэргэммит навигация болдьоҕун тутуһарга ыҥыраллар
Саха сиригэр кыра суудунуларга навигация бэс ыйын 3 күнүттэн от ыйын 25 күнүгэр диэри аһыллыаҕа. Ол иннинэ өрөспүүбүлүкэ сокуонунан бобуулааҕын туһунан ыам ыйын 27 күнүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников санатта.
Билигин уу эбийиэктэригэр быһылааннар ахсаана булт сезона аһыллыаҕыттан ыла улаатар диэн кини бэлиэтиир. «Уу эбийиктэригэр булт сезона аһыллыаҕыттан, быһылаан ахсаана элбээтэ. «Дьокуускай куорат» уокурукка уонна биэс улуустарынан (Таатта, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй уонна Алдан) дьон өлүүлээх 6 быһылаана тахсыбыт. Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы рейдэлэр ыытылыннылар, олор истэригэр административнай дьыаланы кэһии 22 түбэлтэтэ бэлиэтэммит», – диэтэ Дмитрий Садовников.
Санатан эттэххэ, Саха сирин Тырааныспарга министиэристибэтэ кыра суудуналарга навигация аһыллыытын болдьоҕун бигэргэппитэ. Болдьоҕо уларыйыан сөп.
Бэс ыйын 3 күнүттэн навигация Амма, Чурапчы, Таатта, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Уус Маайа, Мииринэй, Сунтаар, Нерюнгри, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Уус Алдан, Томпо, Нам, Кэбээйи, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар, Дьокуускай, Жатай уокуруктарыгар саҕаланыаҕа.
Бэс ыйын 12 күнүттэн Өймөкөөн, Муома,Үөһээ Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Эдьигээн, Өлөөн улуустарыгар, оттон бэс ыйын 17 күнүттэн Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Усуйаана, Аллараа Халыма, Булуҥ улуустарыгар, от ыйын 25 күнүттэн Неелово тардыытынан аһыллыаҕа.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: