Кыра суудуналарга бигэргэммит навигация болдьоҕун тутуһарга ыҥыраллар

Share

Саха сиригэр кыра суудунуларга навигация бэс ыйын 3 күнүттэн от ыйын 25 күнүгэр диэри аһыллыаҕа. Ол иннинэ өрөспүүбүлүкэ сокуонунан бобуулааҕын туһунан ыам ыйын 27 күнүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников санатта.

Билигин уу эбийиэктэригэр быһылааннар ахсаана булт сезона аһыллыаҕыттан ыла улаатар диэн кини бэлиэтиир. «Уу эбийиктэригэр булт сезона аһыллыаҕыттан, быһылаан ахсаана элбээтэ. «Дьокуускай куорат»  уокурукка уонна биэс улуустарынан (Таатта, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй уонна Алдан) дьон өлүүлээх 6 быһылаана тахсыбыт. Биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы рейдэлэр ыытылыннылар, олор истэригэр административнай дьыаланы кэһии 22 түбэлтэтэ бэлиэтэммит», – диэтэ Дмитрий Садовников.

Хаартыска: sakha.gov.ru

Санатан эттэххэ, Саха сирин Тырааныспарга министиэристибэтэ кыра суудуналарга навигация аһыллыытын болдьоҕун бигэргэппитэ. Болдьоҕо уларыйыан сөп.

Бэс ыйын 3 күнүттэн навигация Амма, Чурапчы, Таатта, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Алдан, Уус Маайа, Мииринэй, Сунтаар, Нерюнгри, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Уус Алдан, Томпо, Нам, Кэбээйи, Ньурба, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар, Дьокуускай, Жатай уокуруктарыгар саҕаланыаҕа.

Бэс ыйын 12 күнүттэн Өймөкөөн, Муома,Үөһээ Дьааҥы, Эбээн Бытантай, Үөһээ Халыма, Орто Халыма, Эдьигээн, Өлөөн улуустарыгар, оттон бэс ыйын 17 күнүттэн Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Усуйаана, Аллараа Халыма, Булуҥ улуустарыгар, от ыйын 25 күнүттэн Неелово тардыытынан аһыллыаҕа.

Хаартыска: СИА

СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

30 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

2 часа ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

3 часа ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

3 часа ago