Салгыы
Кыраадыһы кээмэйдиир термометры алҕаска үлтү түһэрдэххэ?..

Кыраадыһы кээмэйдиир термометры алҕаска үлтү түһэрдэххэ?..

20.03.2024, 19:30
Бөлөххө киир:

Билигин киһи кыраадыһын кээмэйдиир термометрдар үксүлэрэ ртуттара суохтар. Онон алҕаска үлтү түһэрдэххэ даҕаны, дьолго, доруобуйаҕа буортуну аҕалбаттар.

Ол эрээри,  дьиэ кэргэнинэн туһаныллар аптечкаларга ртуттаах термометрдар  билигин да бааллар. Оччотугар алҕаска үлтү түһэрэн кэбистэххэ, тугу гынабыт?

Исписэлиистэр, бастатан туран, уолуйбаккытыгар  сүбэлииллэр. Тоҕо диэтэххэ, улаханнык сүһүрэр куттал суох. Арай, металл кыра мөкөчүгүн (шарик)  хомуйуохха наада. Хомуйбатахха, ртуть сыыйа-баайа салгыҥҥа  көтөн, аа-дьуо организмы сүһүрдэн барар.

Сүрүнэ, өскөтүн термометр итии батарея таһыгар алдьаннаҕына, тута 112 нүөмэргэ эрийиэххэ наада. Дьиэ төһөнөн сылаас да, ртуть түргэнник көтөр.

Ртуть тохтубутун  хайдах хомуйуохха?

  1. Түннүгү аһан, дьиэни салгылатыҥ, ол гынан баран, ааннары сабыҥ. Тоҕо диэтэххэ, икки өттүттэн салгын киирэн,  ртуть паара дьиэҕэ барытыгар тарҕаныа.
  2. Мааската кэтиҥ.
  3. Кыра мөкөчүгү икки кумааҕы лиис эбэтэр иҥнэтэ суох шприц көмөтүнэн хомуйуҥ. Онтон хаалбыт кыра бытархайдары хомуйарга скотч, пластырь эбэтэр пластилин туһалыыллар.
  4. Ртуту эрдэттэн бэлэмнээбит тымныы уулаах бааҥкаҕытыгар угуҥ уонна күүскэ хаппахтааҥ.

Санатан эттэххэ, дьиэтээҕи миинньиги эбэтэр пылесоһу туттумаҥ: бу тэриллэр төттөрүтүн кутталлаах биэсэстибэни  дьиэҕэ барытыгар тарҕаталлар.

Барытын хомуйан баран, термометр алдьаммыт сирин марганцовканан эбэтэр мыыла, суода эбэтэр хлор булкадаһыгынан сотуҥ.

Ртуттаах бааҥканы ханна быраҕабыт?

Бааҥканы бөх тоҕор сиргэ эбэтэр канализацияҕа быраҕымаҥ. Бэйэҕит кыайан дьаһаммат буоллаххытына, Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтигэр эбэтэр  демеркуризация сулууспатыгар эрийиҥ.

Кутталлаах биэсэстибэлэри суох оҥорор хампаанньалар аадырыстарын интэриниэккэ «демеркуризация + ваш город» көрдөөн булуохха сөп.

+1
5
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -30°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: